Хаҥалас улууһун “Арчы Дьиэтэ” норуот айымньытын киинигэр Хотой Айыы ыйыгар аналлаах майгы киириитин, олохсуйуутун сиэрэ-туома ыытылынна. Бу тэрээһин сэттэ саастаах оҕолорго аналлаах буолан, Покровскай куорат 1 №-дээх оскуолатын оҕолоро төрөппүттэринээн, учууталларынаан сырыттылар.
Покровскай орто оскуолатын бастакы кылааһын оҕолоругар сүрэхтэнии күнүн Арчы дьиэтэ тэрийэн ыытта. Манна кырачааннар төрөппүттэрин, учууталларын кытта сахалыы сиэргэ-туомҥа уһулуннулар. Бу күн 45 оҕо, 30-тан тахса төрөппүт кыттыыны ылан, Арчы дьиэтэ оҕо чуопчаарар саҥатынан туолла.
Оҕолору учууталлара Софронова Светлана Алексеевна уонна Романова Айталина Валерьяновна киирии тыл этэн, тэҥҥэ ыллаан, бэрт сэргэхтик арыйдылар.
“Арчы дьиэтэ” норуот айымньытын киинин директора Лидия Харитонова оҕолору үөрэнээччи аатын сүкпүттэринэн эҕэрдэлээтэ уонна сылаас алаадьынан күндүлээтэ, оҕолорго уонна төрөппүттэргэ Үс Кут өйдөбүлүн сырдатта, майгы киириитин, олохсуйуутун сиэрин-туомун толорон арчылаата. Оҕолорго сайдыы, үүнүү бэлиэтин туттарда, төрөппүттэргэ итиннэ сыһыаннаах алгыстаах аккырыыккалары бэлэхтээтилэр.
Сомоҕолоһуу оһуокайын үҥкүүлээтилэр, төрөппүттэр оҕолоругар бэлэх-туһах туттардылар, күргүөмүнэн хаартыскаҕа түһэн дуоһуйдулар.
Тэрийээччилэр этэллэринэн, маннык көрсүһүүлэр былырыыҥҥыттан ыытыллыахтарыттан алын кылаас учууталлара сэҥээрэннэр, истиһэн кэлбиттэрэ хайҕаллаах. Оҕолору кыра саастарыттан сахалыы саҥардан, сиэри-туому тутуһарга үөрэтэр ытык иэстэрэ буоларын бэлиэтээтилэр.
«Оччоҕо эрэ бу балысханнаахтык сайдар олохпутугар, төрөөбүт тылларын сүтэриэхтэрэ суоҕа уонна сиэрбитин-туоммутун билэ улааттахтарына саха омук барҕара туруо буоллаҕа.
Мин тус бэйэм бэлиэтии көрдөхпүнэ, Покровскайга сахалыы тыллаах дьыссааттарга, оскуолаларга уһуйааччылар уонна учууталлар үксүн уруоктарын нууччалыы тылынан саҥаран ыыталлар. Онон инникитин ийэ тылбытын сүтэрбэт наадаттан оҕолор уруоктарын уу сахалыы саҥаран ыытаргыт булгуччулаах, оччоҕуна эрэ оҕо сахалыы кэпсэтэ, быһаарса үөрэниэ.
Оҕолорго аналлаах ыйдарынан туомнаах тэрээһиннэрбитин саастарынан арааран ыытабыт. Холобура сэтинньи ыйга 12 саастарыгар сылдьар оҕолорго, сайдамҥа киллэрии туомун тэрийиэхпит. Онон инникитин төрөппүттэр, учууталлар үүнэр көлүөнэ ыччаты сахалыы сиэри-туому билиһиннэрэн сыһыарыаххытын баҕалаах буоллаххытына, эрдэттэн биһиги тэрилтэбитигэр кэлэн сүбэлэһэн, сүбэнэн-соргунан тэрийиэххэйиҥ диэн этиилээхпит«, — диэтэ Хаҥалас улууһун “Арчы Дьиэтэ” норуот айымньытын киинин директора Лидия Харитонова.
This post was published on 28.10.2019 10:19 10:19