Покровкаҕа бастакы рулоннар төкүнүстүлэр

Амма улууһун Покровка нэһилиэгэр хотуур тыаһа бэс ыйын 26 күнүттэн тыаһаан, от ыйын саҥатыгар бастакы рулоннар төкүнүстүлэр диэн, https://www.instagram.com/p/CQ5refesJZw/?utm_medium=share_sheet суруйар. 


“Амма олоҕо” хаһыат суруйарынан, Покровка нэһилиэгиттэн Игорь Петров уонна Чакыртан Юрий Прокопьев “Амма” ААУо сириттэн 96 гектар сири түүлэһэн оттууллар. Сирдэрин фермердэр бу күннэргэ бүтэрэр былааннаахтар. Техникаларын күүһүн холбоон кыттыһан үлэни үмүрү туталлар.

“Юрий Прокопьевичтыын быйыл саҥа кыттыһан оттоон эрэбит. Техникаларбытын холбоон уопсайа 6 тыраахтардаахпыт. Сир киэҥ этэ. Элбэх киһиэхэ эппиппиттэн Юрий Прокопьевич сөбүлэһэн, билигин үлэ күөстүү оргуйан, түмүктэнэн эрэр диэххэ сөп. Кини өр сыл үлэлэбит уопуттаах киһи буолар. Биһиэхэ эдэрдэргэ наставник быһыытынан сүбэтэ сүҥкэн. Элбэх туһалааҕы биллибит. Күн бүгүн сирбит биир гыммыттан үһүн бүтэрбиппит. Техникалар этэҥҥэ үлэлээтэхтэринэ, ардах мэһэйдээбэтэҕинэ сотору бүтэриэхпит. Сирбит үүнүүтэ орто диэххэ сөп. Олус куһаҕан буолбатах”, — диэн этэр Игорь Петрович.

Чахчы да бииргэ үлэлээһин түмүктээх буолар буоллаҕа. Маны этэн эрдэхтэрэ эбээт, “сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар” диэн.

This post was published on 05.07.2021 14:30 14:30