22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Походскайтан чугас олохтоох киһи үрүҥ эһэлэри көрдө

15:43, 08 октября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аллараа Халыматааҕы диспетчерскай сулууспаҕа алтынньы 7 күнүгэр «Волок» учаастакка икки үрүҥ эһэ оҕото сылдьарын олохтоох киһи тыллаабыт. Аһыылаах дьиикэй кыыллар сылдьар сирдэрэ сэлиэнньэттэн 55 км тэйиччи. Бу туһунан СИА-ҕа экология министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Билигин үрүҥ эһэ оҕолорун бурааннарынан уонна ыттарынан үүрдэрэн, муора хайысхатынан ыыталаатылар. Кыыллар суоллара хоту диэки туһаайыллынна. Балыксыттар көмөлөрүнэн эһэлэр сылдьар хайысхалара кэтээн көрүөллүөхтээх.

Балыксыттарга кыыыллары аһаппатарыгар уонна тиийэн кэллэхтэринэ үүрэллэригэр этилиннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА