Биэчэргэ народнай поэт, Саха сирин Суруйааччыларын союһун председателэ Наталья Харлампьева ыҥырыытынан кэлбит поэт, тылбаасчыт, «Из века в век» саха поэзиятын антологиятын оҥорсубут, «Поющие письмена» фестивалы тэрийсибит Сергей Гловюк, Бурятия народнай поэта, историк, литературовед Баир Дугаров уонна поэт, тылбаасчыт, аан дойдутааҕы литературнай бириэмийэлэр лауреаттара Вячеслав Куприянов кыттыыны ыллылар, бэйэлэрин санааларын үллэстэн, айар үлэлэрин туһунан кылгастык билиһиннэрдилэр уонна поэзияны сэргээччилэргэ саҥа хоһооннорун бэлэхтээтилэр.
«Дьокуускайга доҕордоһуу кутаата» поэзия биэчэрэ истиҥ быһыыга-майгыга ааста. Олохтоох поэттар: Василий Кейментинов-Баргачан, Элизавета Мигалкина, Анатолий Старостин-Сиэн Кынат, Ольга Пашкевич, Гаврил Андросов, Елена Слепцова-Куорсуннаах, Рустам Каженкин хоһооннорун өрө көтөҕүллүүлээхтик сахалыы, нууччалыы тылларынан аахтылар.
— Түмүктэммит Литература сыла биир уратытынан араас дойдулар суруйааччыларын түмэн доҕордоһуннарда. Онно биһиги, саха суруйааччылара, бэйэбит кырата суох кылааппытын киллэрсибиппиттэн киэн туттабыт, — диэн бэлиэтээтэ Наталья Харлампьева уонна көхтөөхтүк үлэлэспит суруйааччыларга уонна суруналыыстарга Суруйааччылар союзтарын Махтал суруктарын туттартаата.
This post was published on 22.01.2016 10:31 10:31