23 Сэтинньи 23.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

Поэтесса Мария Алексеева саҥа кинигэтэ

17:46, 10 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Мария бастакы дьоҕус кинигэтэ 2004 сыллаахха эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтарын мэктиэлээһининэн тахсыбыта. Ол кэнниттэн хоһоонноро өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар, хомуурунньук кинигэлэргэ бэчээттэнэллэрэ.

“Мин бу кинигэм тахсарын сүүрбэччэ сыл кэтэспит эбиппин… Миигин таһаарбаттар, эбэтэр мэһэйдииллэр диэн буолбатах этэ. Атын үлэлээх буоламмын, күүспүн-күдэхпин, бириэмэбин онно аныырым. Аны өр сыллар усталарыгар медицина историятын туһунан кинигэлэри бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбытым. Чинчийэр, хомуйар, чочуйар үлэ поэзияҕа миэстэ хаалларбат да курдуга. Илларион Федосеев, Александр Федотов, Александр Мигалкин, Илья Павлов курдук чулуу дьон тустарынан кинигэлэри хомуйан, оҥорон таһаарбытым. Ол эрээри, онтон кэмсиммэппин. Айар кут син биир хаһан эрэ иилэ кууһан ылар, ыанньытан, хоһооннору куйаарга көтүтэр. Бэйиэт киһи, сороҕор, урут суруйбутун сөбүлээбэт буолан хаалар, онон саҥа хоһоон кинигэтин оҥорон-чочуйан таһаарар уустук”, — диэн кэпсиир Мария.

Саҥа кинигэҕэ таптал, олох суолтатын, киһи дьылҕатын туһунан араас сылларга суруллубут хоһооннор, олоҥхо туһунан поэма киирдилэр. Биир салаа нууччалыы тылынан хоһооннорго ананна. Мария хоһоонноро ырыа курдук лыҥкынас тэтимнээхтэр, киһини толкуйдатар дириҥ ис хоһоонноохтор.

“Мин “Көмүөл” кинигэ кыһатын дириэктэрэ Борис Павловка олус махтанабын. Кини кинигэ идиэйэтин толкуйдаан, кыһаллан-мүһэллэн, сыа-сым курдук тутан, оҥорон таһаарда. Редактор Афанасий Гуриновка-Арчылаҥҥа, дизайнер Герта Рудыхха, корректор Варвара Саввиноваҕа махталым улахан. Эдэр худуоһунньук Надежда Иванова олус үчүгэйдик, айымньылаахтык бөлүһүөктүү тыыннаах уруһуйдарынан киэргэттэ. Кинигэ бэчээттэнэнэн кэлэн иһэр, бу күннэргэ күүтэбит”, — диэн кини үөрүүтүн үллэһиннэ.

Ыспыраапка

Мария Алексеева-Решетникова – СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна. Дьокуускай к. төрөөбүтэ, оҕо сааһа Уус Алдаҥҥа ааспыта. СГУ мединститутун үөрэнэн бүтэрбитэ. Дьокуускайга терапевынан, Чөркөөх балыыһатыгар кылаабынай бырааһынан, Таатта улууһун киин балыыһатыгар кылаабынай бырааһы солбуйааччынан, “Саха” НКИК филиалын редакторынан үлэлээбитэ. Билигин Национальнай медицина киинигэр Клиническэй киин тэрийэр-методическай киинин сэбиэдиссэйинэн үлэлиир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА