Поэт Зинаида Архипова саҥа кинигэтэ сүрэхтэннэ

Поэт, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, “Далбар хотун” сурунаал кылаабынай редактора Зинаида Архипова “Түлүк уум түүллэрэ” диэн саҥа кинигэтэ күн сирин көрдө.


Кинигэҕэ киирии тылы саха народнай поэта Наталья Харлампьева суруйбут. Кини поэт айар үлэтин ырытарыгар: “Мин бэлиэтии көрөрбүнэн, Зинаида айар үлэтигэр олус ирдэбиллээх. Ааҕааччы дьүүлүгэр биэрэр хоһоонноро чочуллубут, ситэриллибит буолаллар, онон сылыктаатахха кини тус бэйэтэ кистэнэр суруйуулара элбэх, дэлэй буолуохтарын сөп. Ол иһин эбитэ дуу, Зинаида Архипова бу саҥа кинигэтэ акыйааҥҥа устар улахан айсберг сорҕотун, үөһээ эрэ өттүн курдук көстөр”, — диэн бэлиэтиир.

Ааптар суруйар, ырытар тиэмэлэрэ дириҥнэр. Биир-икки тылынан кыайан этиллибэттэр. Ол кини олоҕу мындырдык, философскайдык анааран көрөрүгэр сытар. “Кинини долгутар темалар дириҥнэр, биирдэ этиллэн эрэ хаалар кыахтара суох. Тиэргэнигэр адьарай ата тыбыырар мөлтөөбүт-ахсаабыт саха боотурун кыһалҕата, кини тиллэн, хоһуун санаатын киллэрэн, түлүк ууга ылларбыт дьүөгэтин булар, быыһыыр айана, поэзия илбиһигэр ылларбыт сирдээҕи дьахтар мучумаана – бу барыта саха олоҕу анаарар философиятын ситимэ эбээт! Зинаида хоһоонноро кылгастар, кытаанах тутуллаахтар, түмүктүүр санаалааахтар, ардыгар эр киһи поэзиятыгар маарынныыллар. Кини ааҕааччытыгар мунчаарыытын, санаатын утары уунар уонна түмүктүүргэ дылы эрээри, түгэхтээх санаатын ситэ эппэт курдук, ол гынан баран ааҕааччы ону бэйэтэ толкуйдаабыттыы, түргэнник таайар. Ити кини поэзиятын уратыта дии саныыбын”, — диэн бэлиэтиир Наталья Ивановна.

Оттон Зинаида Архипова бэйэтэ поэзия туһунан маннык диэн этэр: “Поэзия киһини үрдэтэр, ыраахха, сырдыкка кынаттыыр. Сирдээҕи кыһалҕаны, санаа муунтуйуутун мындырдык көрөргө ыҥырар. Сороҕор киһи араас кыһалҕаҕа ылларан, муунтуйан, мунан-тэнэн хаалар. Ол онно поэзия өйөбүл-тирэх буолар дии саныыбын”.

Кинигэни “Сахабэчээт” киоскаларыттан уонна Бэчээт дьиэтиттэн ылыаххытын сөп.

Ыспыраапка: Зинаида Архипова – поэт, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, “Далбар хотун” сурунаал кылаабынай редактора. Кини хоһоону оскуола эрдэҕиттэн суруйар. Бастакы холонуулара Амма улууһун хаһыатыгар, “Эдэр саас” хаһыакка бэчээттэммиттэрэ. 2003 сыллаахха “Эн баар буолаар” диэн бастакы кинигэтэ “Бичик” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыта.

This post was published on 20.02.2018 09:25 09:25