“Киһи биир сүрэхтээх”. Маннык ааттаах кинигэ ааптара — медицинэ наукатын дуоктора Петр Захаров. Петр Ивановиһы Арассыыйаҕа, Саха сиригэр сүрэх-тымыр эпэрээссийэтин бастакынан оҥорбут киһинэн билинэллэр.
Петр Иванович В.В.Пекарскай, В.И.Бураковскай уо.д.а Арассыыйа улуу учуонайдарын кытары алтыһан, кинилэргэ үөрэнэн, Америка, Корея, Европа, Япония сүрэх-тымыр килииникэлэригэр стажировкаланан, эпэрээссийэлиир дьоҕурун, маастарыстыбатын чочуйбута. Кини сүрэх ыарыыларын арааһын, ол ыарыы туохтан үөскүүрүн диссертациятыгар олоҕуран, ааҕааччыга тиийэр гына уу сахалыы суруйан, киэн араҥаҕа тарҕаппыта кэрэхсэбиллээх. Петр Захаров «Киһи биир сүрэхтээх…» кинигэтэ «Бичик» кинигэ кыһатыгар 2017 сыллаахха 50 эрэ ахсаанынан бэчээттэммитэ.
Миэхэ бу кинигэни оҕом аахтара биэрбитэ. Бэрт сэдэх кинигэни олус кичэллээхтик тутан, төннөрөөр дии-дии биэрбитэ. “Аата оҕолоор…” диэн испэр өһүргэнэ санаабытым. Онтум баара чахчы оҕобор күндү бэлэх эбит. Петр Иванович: «Күндү Саргылаана Петровна! Эн саха омук кэрэ аҥаардарыттан бастакынан аһаҕас сүрэххэ эпэрээссийэлэри оҥортообутуҥ, биһиги онон киэн туттабыт! Бары үчүгэйи, үтүөнү, ытыктабылы кытта» диэн илии баттааһыннаах анал бэлэҕэ уонна сыанабыла эбит.
Петр Захаров СӨ Медицина национальнай киинэ олохтоммута 25 сылыгар анаан, үлэлиир эйгэтигэр, ыарыһахтарыгар дьоһун бэлэҕэ буоллаҕа. Ааҕааччыга тиийэр гына нууччалыыттан тылбааһа да табыллыбыт. Кинигэ аан тылыгар ааптар ааҕааччыны толкуйдатар гына маннык саҕалаабыт: “Киһи сүрэҕэ баара-суоҕа 250-350 гыраам ыйааһыннаах эрээри, сууккаҕа 7000-10000, оттон сылга 3150000 лиитир хааны хачайдыыр. Киһи тымырдарын уһуна 100000 килэмиэтиргэ тэҥнэһэр. Бу тымырдарынан биир күҥҥэ сүрэх хааны чааска 100 төгүл эргитэр. Кыһаллан көрдөөбүт киһи бу чахчылары туһааннаах энциклопедияттан булан көрөҕүн. Оттон ити сыыппаралар хирург киһи, эйигин эмтиир, эпэрээссийэлиир киһи суруйуута туспатык иһиллэр эбит. Дьэ, ити стандартнай көрдөрүүлэргэ чугаһатаары биһиги эмчиттэрбит сүрэх, тымыр ыарыыларын ханан, туга кэһиллибитин булан, чөлүгэр түһэрэр аналлаахтар».
Ааптар кинигэтигэр сүрэх туһунан өйдөбүлү түҥ былыргыттан билиҥҥи үйэҕэ тиийэ сайдыытын устуоруйатыттан саҕалыыр. Оннооҕор сүрэх былыргы итэҕэлгэ, сиэргэ-туомҥа, мифологияҕа өйдөбүллэригэр бэрт кылгастык, ол эрэн өйдөнөр гына тохтуур. Сүрэх ыарыыларын эмтээһин устуоруйатыгар эмиэ өйдөбүлү биэрэр. Хирургическай быраактыка саҕаланыытыттан билиҥҥи ньымаларга үгүстүк тохтуур. Сүрэх, тымыр ыарыылара уратыларын, эпэрээссийэлэрин сайдыытын бэрт өйдөнөрдүк сэһэргиир. Билигин үгүстүк: «Ити киһиэхэ электрокардиостимулятор туруорбуттар» эбэтэр «Сүрэх үлэтин тэтимэ кэһиллиитин тымыр устунан катеторынан киирэн, көннөрүүнү оҥотторбут” диэн билэр киһиҥ доруобуйатын сурастаххына, күннээҕи сонун курдук истэбит. Оттон маннык ситиһиини Сахабыт сиригэр бэйэбит эмчиттэрбит олус ситиһиилээхтик оҥорор буолуохтарыгар диэри төһөлөөх өй-сүрэх ууруллубута буолуой?!
Билиҥҥи кэмҥэ Петр Иванович курдук патриот дьонноох буоламмыт, холкутук эмтэнэр, сүрэх ыарыытыттан босхолонор кэмҥэ тиийэн олордохпут. Бу кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар күүскэ тарҕаныаҕын, тахсыбыт ахсаана кырата бэрт. Манна туһааннаах министиэристибэ, «Бичик» кинигэ кыһата инники өттүгэр учуоттаналлара буоллар диэн, ааҕааччы быһыытынан, чахчы ааҕан элбэҕи туһаммыт киһи быһыытынан санаабын эттим.
Ааптар: Елизавета ПОПОВА-Баттаах Кырата, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
This post was published on 21.10.2019 12:14 12:14