Бу күннэргэ суруйааччы, суруналыыс Наталья Михалева-Сайа салайааччылаах «Саха» НКИК устар бөлөҕө Волгоградскай уобаласка тиийэн, саха норуодунай поэта, суруйааччы, аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Петр Тобуруокап туһунан документальнай киинэ уста сылдьан, Кузьмичи бөһүөлэк аттыгар саллааттар кырамталарын көрдүүр этэрээти кытары көрүстүлэр. Сталинград кыргыһыытыгар Саха сириттэн уопсайа 10 тыһыынчаттан тахса саллаат кыттыбыта биллэр.
Наталья Михалева «Саха сирэ» хаһыакка иһитиннэрбитинэн, анал этэрээт биэс күн иһигэр 66 саллаат кырамтатын таһаарбыттар. 1942-1943 сылларга Сталинград куорат иһин кыргыһыыга сэбиэскэй саллааттар ураты хорсун быһыыны көрдөрөн, кырыктаах кыргыһыы 1943 сыл олунньу 2 күнүгэр биһиги буойуттарбыт кыайыыларынан түмүктэммитэ. Ол эрээри сэрии толоонугар – 1 мөлүйүөн 143 тыһыынча киһи охтубута. Саха сириттэн биллиилээх учуутал Н.В.Егоров, Дьокуускайдааҕы пединститут преподавателэ Ю.Г.Шафер, аатырбыт артиллерист Гавриил Протодьяконов, суруйааччы С.А.Саввин-Макар Хара уонна да атыттар сэриилэспиттэрэ.
Биллиилээх суруйааччы, поэт Петр Тобуруокап 1942 сыллаахха аармыйаҕа ыҥырыллан, Сталинград фронугар сылдьыбыта. Суруйааччы аатын үйэтитэр сыаллаах «Саха» НКИК устар бөлөҕө, ол иһигэр режиссер Саймон Сергеев, оператор Семен Афанасьев уонна ааптар Наталья Михалева Волгоградскай уобаласка тиийэн документальнай киинэ уста сылдьарын туһунан истэн, төлөпүөнүнэн сибээскэ тахса сырыттым.
– Айаммытын Үөһээ Бүлүү дьаһалтата уонна Саха сирин суруйааччыларын ассоциацията (салайааччы Олег Сидоров) үбүлээтилэр. Биһигини кытта Петр Тобуруокап күтүөтэ, суруйааччы Дмитрий Наумов сиэнэ Ньургуннуун бааллар. Ньургун саллааттар уҥуохтарын көрөн баран, наһаа долгуйбута уонна хос эһэм манна өлөн хаалбыта буоллар, мин суох буолуох эбиппин диэн соһуталаата…
Ньургун документальнай киинэҕэ хос эһэтин хоһоонун ааҕан иһитиннэриэхтээх. Дмитрий Наумов оруобуна 35 сыл анараа өттүгэр Сталинград анныгар кыргыспыт Саха сирин бэтэрээннэрин илдьэ бара сылдьыбыт эбит. Билэрэ-көрөрө элбэх. Инньэ гынан кини оҥорбут маршрутунан Кузьмичига тиийбиппит.
Бөһүөлэк аттыгар Братскай могила баар эбит. Дмитрий Федосеевич этэринэн, Кузьмичи эргин Сибиир дивизиялара сэриилэспиттэр, онон сураҕа суох сүппүт саха саллааттарын кырамталара баар буолуохтаахтар. Бөһүөлэккэ кыра музей баарыгар сылдьан, видеоҕа уһуллубут, интервью ыллыбыт. Бу музей биир дьоһун суолталаах докумуонунан, ааспыт үйэ 70-с сылларыттан саҕалаан толоруллар «Өйдөбүнньүк кинигэтэ» буолар.
Кулууптарыгар эмиэ «Өйдөбүнньүк кинигэлээхтэр». Сэриигэ сыһыаннаах туох эбит саҥа иһитиннэрии баар буолла даҕаны, тута киллэрэн иһэр үгэстээхтэр. Ол сылдьан В.Т Бумагин диэн уопсастыбанньыгы көрсөн, анал этэрээттэр бу күннэргэ саллааттар сытар саҥа сирдэрин арыйбыттарын кэпсээн, онно бара сырыттыбыт. Волгоград хаһар этэрээтин хамандыыра В. Л. Панаетов интервью биэрдэ. 1942 сыллаахха ыҥырыллыбыт саха саллааттара үксүлэрэ Сталинград анныгар умсубуттара биллэр. Ити хаһыылар чопчу Петр Тобуруокап дивизията кыргыспыт сиригэр ыытылла тураллар эбит. Мин кини «биир быыкаа хочулуок бараммат хааһытын сиэбитим» диэн хоһоонун быһа тардан ааҕааппын кытта хаһааччылар саллаат хочулуогун хостоон таһаардылар. Онон иккис аан дойду сэриитэ бүппэккэ турар…,– диэн Наталья Владимировна кэпсээтэ.
Бу анал этэрээт сылга ортотунан тыһыынча саллаат кырамтатын таһаарар эбит. Онон саха саллааттара Сталинград иһин тыыннара быстан, бу уобаласка төһө киһи харалла сытара чопчу биллибэт.
This post was published on 03.05.2017 17:30 17:30