Нам улууһун Ленскэй нэһилиэгин олохтоохторо РФ президенин талыыга быыбарга көхтөөхтүк кытыннылар. Испииһэккэ киирбит быыбардааччы ахсаанын 87,73%-на бэйэтин гражданскай быраабын туһанан, куолаһын биэрдэ.
Петр Сокольников, Ленскэй нэһилиэк баһылыга:
Ленскэй нэһилиэк олохтоохторо! Биир дойдулаахтарым РФ Президенин быыбарыгар көхтөөх кыттыыны ылбыккытыгар махтанабын. Түөлбэлэр, тэрилтэлэр, уопсастыбанньыктар бу курдук үлэ хаамыытын ыһыктыбакка, күүспүтүн биир сиргэ түмүөххэ, өссө ордук кэҥэтиэххэ.
Олохтоохтор оҕо туһугар, кэлэр көлүөнэ уйгу-быйаҥ олоххо олороругар үлэлииллэр, кыһаллаллар. Намнар үлэни салайааччылары кытта көрсүбүттэрэ, көрсөллөр, көрсүөхтэрэ. Чугуйары билбэккэ, эрэли сүтэрбэккэ иннибит диэки хардыылыахха!
Мантан саас бары бииргэ буоларбытын өссө бигэргэтиэхпит. “Жилье и городская среда” национальнай бырайыагынан Намҥа Доҕордоһуу болуоссата тупсарылларыгар көхтөөхтүк куоластыырга ыҥырабыт.
Ааптар: Харысхан Попов
This post was published on 18.03.2024 12:03 12:03