Армрестлинҥа аан дойду экс-чемпиона, мас-рестлиҥҥа спорт маастара Петр Наумов алтынньы 1 күнүгэр Екатеринбург куоракка онус төгүлүн ыытыллар «Золотой тигр» диэн мульти-турнирга күрэхтэһэн кэллэ. Турнирга элбэх көрүҥ киирбититтэн 70 саастаах спортсмен 70 киилэлээхтэргэ мас тардыһыытыгар үһүс бочуоттаах миэстэни ылан кэллэ. Буолаары буолан, эдэрдэри кытары киирсэн.
Бу иннинэ кулун тутар 7 күнүгэр Свердловскай уобаласка Екатеринбург анныгар Сысерть куоракка мас тардыһыытыгар аһаҕас турнирга тэҥнээҕин булбакка кэлбитэ. Манна 70 саастаах саха киһитэ 20-23 саастаах уолаттары хайдах киһилээбэтий диэн сөҕүү бөҕөтүн сөхпүттэрэ. Күрэхтэһии бүппүтүн кэннэ биир чааһы быһа ыыппакка араас боппуруостары биэрэн, киэҥ кэпсэтиини таһаарбыттара. Аны бэйэтин көрөн туран, сааһын итэҕэйбэккэлэр, биһиги киһибит гостиницаттан пааспарын аҕаларга күһэллибитэ.
— Итинтэн мин наһаа үөрэбин. Тоҕо диэтэххэ, саха киһитэ Арассыыйа сиригэр норуотум аатыттан тиийэн, кыайыы өрөгөйүн билбитим – миэхэ дьол. Кыайыыбын элбэх ахсааннаах аймахтарбар, сахам дьонугар-сэргэтигэр анаатым. Дьиҥэр, ыарахан этэ… – диэн Петр Иванович ситиһиилээх сырыыларын туһунан астына кэпсээтэ.
Кинини истэ-көрө олорон, кырдьыга да, 70 сааһы хайдах да биэрбэккин.
Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах?
Күүстээхтэр, быһыйдар, тостубат уҥуохтаахтар, иҥиир ситиилээхтэр уо.д.а. сахаҕа дэҥҥэ көстөн ааһар чулуу дьон туохтан сиэттэрэн дуу, туох кистэлэҥ күүс бэриллэн дуу ураты дьоҕурдаммыттарын билиэххин баҕараҕын.
Петр Наумов аҕата Иван Тарасович Наумов 1906 с. Чурапчы улууһун Дириҥэр күн сирин көрбүтэ. Иван Тарасович үөрэҕэ суоҕун да иһин, мындыр өйүнэн, сатабылынан, айылҕаҕа чугаһынан уһуннук, 103 сааһыгар диэри олорбут. Петр Иванович аҕата уһун үйэлэниитин кини өркөн өйүн, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыанын, ийэ айылҕатыгар чугаһын кытары сибээстиир. Онуоха дьиҥнээх бөлүһүөктэри, айылҕаттан айдарыылаах эмчиттэри, ол иһигэр, 100-гэр чугаһаан баран орто дойдуттан барбыт Ньыыканы, 90-тан тахсан баран өлбүт Фома Чашкины холобурдуур.
– Аҕам бэйэтэ эмтиир идэтэ суох этэ эрээри, бэйэтин бэйэтэ көрүнэр, организмын иһиллиир уонна иһитиннэрэр дьоҕурдааҕа. Тымныйаары гыннаҕына даҕаны, туох да эмэ-томо суох аһарынар этэ. Ол ньыматын оҕолоругар үөрэтэ сатаабыта да, ким да ылымматаҕа. Арай мин арыый сыстаҕаспын, чугаспын билэн буоллаҕа буолуо, миигин батыһыннара сылдьара. Инньэ гынан миэхэ тугу билэрин барытын иҥэрбитэ, – диэн Петр Иванович кэпсиир.
Иван Тарасовиһы ити сатабылга, киһи хараҕар көстүбэт дьоҕурга ийэтэ Татыйаас эмээхсин (Иван Наумов эбэтэ) үөрэппит. Тоҕо диэтэххэ, Иван олох кыра сылдьан ыарыһах буолан дьонун эрэйдээбит. Аҕата уонна бииргэ төрөөбүт убайа элбэх саханы илдьэ барбыт сэлликтэн өлбүттэр. Татыйаас кэргэнэ да, оҕото да суох хаалан, кыната сарбыллыбыт кэриэтэ сананан, кыра уолун Иваны эмэ-томо суох, айылҕа быйаҥынан эмтиир эбит. Татыйаас эмиэ биирдэ да гирииптээн көрбөккө, 107 сааһыгар диэри олорбут. Ити курдук, Татыйаас сүдү күүстэртэн көрдөһөн-ааттаһан, илиитин сылааһын биэрэн бүөбэйдээбит уолчаана Иван Наумов ыал буолан, аҕыс оҕоҕо күн сирин бэлэхтээбиттэр.
Наумовтар аҕыс оҕолоруттан улахан эдьиийдэрэ балтылара-бырааттара үөрэнэллэригэр табыгастаах буолуо диэн эрдэ Хаҥалас Өктөмүгэр көһөртөөн аҕалбыт. Петртан балтараа сыл аҕа убайдара Иван Иванович кэлин Музыка үрдүкү оскуолатыгар ректорынан үлэлээбитэ. Петр кэнниттэн биэс кыыс оҕо кэлэр.
– Аҕам миэхэ иҥэрбит үөрэҕэ, кэлин санаатахпына, йоганы, тыынар гимнастиканы, эти-хааны чэбдигирдиини кытары сибээстээх эбит. Биир да үөрэҕэ суох, суругу-бичиги аахпат аҕам ити билиитин айылҕаттан ыллаҕа дии саныыбын. Организмын иһиллии уонна иһитиннэрэ үөрэммит курдук буолан тахсар, – диэн Петр Иванович орто дойдуга олох олоро кэлэн, 71-с хаарыгар үктэниэр диэри биирдэ да гирииптээн көрбөтөҕүн туһунан кэпсиир.
Биллэн турар, Петр Ивановиһы кытары атах тэпсэн кэпсэтэ олорон, ол кистэлэҥин ыйаталастахха эрэ сатанар курдук.
Дойдубар – кустук курдук куоһанан
Эн ханна да сырыт, баҕар ыраах омук сирдэринэн да тэлэһий, төрөөбүт дойду эйигин тарда, ыҥыра турар. Хаһан эрэ кииниҥ түспүт сиригэр тиийэн, орто туруу бараан дойдуга олоҕу бэлэхтээбитигэр сүһүөхтээх бэйэҥ сүгүрүйүөхтээххин.
– Кырдьык оннук. Саамай үөрэрим уонна дьоллонорум диэн быйыл төрөөбүт дойдубар Дириҥҥэ сырыттым. Кистээбэккэ эттэххэ, дойдум Ыһыаҕар биирдэ да сылдьан көрө илигим. Биир доҕорум: «Эдэр сылдьан биир сырыыга түөртүү-биэстии мүһэни сүүйэр чулуу спортсмен аатын сүгэ сылдьаҥҥын, төрөөбүт дойдугуттан мүһэ ылбакка бу орто дойдуттан бараары гынаҕын дуо?» – диэтэ. «Кырдьык даҕаны!» диэн толкуйга түстүм. Инньэ гынан, бэлэмнэнэн, ох курдук оҥостон, бэс ыйыгар дойдубар бардым. Ыһыах түһүлгэтигэр дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустубут. Өрөспүүбүлэкэ аатырбыт спорстмен уолаттара күрэхтэһэ кэлбиттэр. Бэс ыйын 14 күнүгэр дойдубар Дириҥҥэ сылдьар кэммэр 70 сааспын туоллум. Онтон сарсыныгар дойдум Ыһыаҕар кытынным. «Бүөтүр Наумов бэҕэһээ 70 сааһын туолла!» диэбиттэригэр дьонум-сэргэм уруй-айхал түһэрдилэр. Ааттаах-суоллаах уолаттары көрөн туран сэрэхэдийбитим. Сэрэйбитим курдук, улахан киирсии буолла. Ол эрэн, мин сирим-дойдум көмөлөстө быһыылаах. Эдэр уолаттары 2 : 0 кыайтаалаан мүһэ уонна домкрат бириис ыллым. Онон, мин чахчы дьоллоох киһибин.
Аҕам үөрэҕин уонна бэйэм мутугунан быраҕар муҥур үйэбэр иҥэриммит билиибин, туһаммыт дьарыкпын хааһахха хаайбакка, дьоммор-сэргэбэр тарҕатыахпын наада. Онуоха Доруобуйа уонна уһун үйэлэнии киинин арыйар баҕалаахпын. Киин арыйан үлэлэттэхпинэ, бар дьонум, мин курдук, кырдьар саастарын билиммэккэ, эдэр дьону кытта тэҥҥэ күөн көрсө, күүс-уох былдьаһа сылдьыахтара турдаҕа. Бэйэбитин иһиллии, организммытын хамаандалыы үөрэниэҕиҥ, оччоҕо чөл өйдөөх-санаалаах, чэбдик доруобуйалаах саха бэртэрэ буолуохпут! – диэн сэргэх кэпсээннээх, олоҕу үтүө эрэ хараҕынан көрөр Петр Наумов баҕа санаатын тириэртэ.
Дьикти, дьээбэ сүбэлэрэ
— Олох чараас таҥаһынан кыстыыбын. Кыратык тымныйаары гынным да, дьон көрбөт сиригэр тэйэн биэс мүнүүтэ устатыгар аҕам үөрэҕин туттабын. Тоҕо дьонтон тэйэҕин диэн ыйытар буоллаххына, дьарыкпар араастык тыыныы, үөһэ-аллараа көрүү киирэр. Дьон дьиибэргиэн сөп. Кылаабынайа, киһиэхэ салгын наада. Салгыны сөпкө киллэрэр-таһаарар буоллаххына уонна сөптөөхтүк хамсана сырыттаххына, тымырдарыҥ устун хаан күүскэ сүүрэлээтэҕинэ, организмҥар сөптөөх элеменнэр киирэллэр. Оччоҕо үтүөрэргэ бараҕын.
— Биирдэ да эмп испэппин. Кыра оҕо эрдэхпинэ эрэ укуол ылбыппын. Биһиги оҕо эрдэхпитинэ араас ыарыыны утары быһыылары ыалы кэрийэ сылдьан биэрэллэрэ. Мин аҕам онтон миигин куоттарар эрэ. Ол сөпкө гынар эбит.
— Ыалдьыбыт дьон үксэ аһыыр баҕата уостар, онтон миэхэ, төттөрү буолар. Дьиибэтэ диэн, ыалдьаары гыннахпына, күүскэ да күүскэ аһыахпын баҕарабын, туохха да топпоппун. Хаһан эрэ биир профессор: «Оннук дьон сэдэхтик да буоллар, баар буолаллар, чинчийиэххэ, үөрэтиэххэ баар эбит», – диэн турардаах.
— Аҕыйахтык, элбээбитэ нэдиэлэҕэ үс күн эрчиллэбин. Тоҕо диэтэххэ, кырдьаҕас киһи илистибит организма чөлүгэр түспэт. Ол да буоллар, сорох спортсмен ыччаттар курдук, «спортивнай аһылык» диэн ааттыыр утахтарын испэппин. Итини сыыһа дии саныыбын. Айылҕа аналынан организм сылайыахтаах уонна бэйэтэ сыыйа аһарыахтаах. Сылайбыты эмп күүһүнэн күүскэ аһартарыы бэйэ доруобуйатын күүһүлээһиҥҥэ тэҥнээх. Хаһан эрэ мөкү содула күөрэйэн тахсар.
— Сарсыардааҥы эрчиллиини күн аайы оҥорбоппун. Мин санаабар, күн аайы эрчиллэр киһи туһанар курдук буолар эрээри, эрчиллэрин көтүттэҕинэ ньиэрбинэйдиир, туга эрэ тиийбэт курдук турукка киирэр. Ити сыыһа. Ол аата – магия, ыарыы. Ол иһин, киһи талбыт дьарыгар букатыннаахык ылларыа суохтаах, уларытан биэрэ, атынынан солбуйа сылдьыахтаах. Эт-сиин үөрэнэн, эйигиттэн күн аайы ирдиирин утарсан, организмҥын бэйэҥ дьаһайыахтааххын.
— Аспын талымастаабаппын, диетаны утарабын. Диетанан аһааһын, хааччахтааһын – бэйэни эрэйдээһин. Киһи арыгыттан, табахтан ураты, тугу барытын аһыахтаах. Сыаны сиэмэ дииллэр, хайдах сыаны сиэм суоҕай? Веществолар атастаһыылара кэһиллибэтэх буоллаҕына, эн тугу да аһаа – организмыҥ бэйэтэ, компьютер курдук, аһы буһаран, аһаран иһиэхтээх.
— Хамсанар-имсэнэр хайаан да наада.
— Айылҕа сокуонунан, киһи кыыһырыа суохтаах, мэлдьи күлэ-үөрэ сылдьыахтаах.
— Киһи кэмиттэн кэмигэр стресс ылыахтаах. Холобур, тымныы уунан куттуу – стресс. Тымныы уунан күн аайы куттар буоллаххына, организм үөрэнэн хаалан, эмиэ көрдүүр. Үөрэннэҕинэ – туһата да кыра. Мин тымныы ууну настарыанньам түстэҕинэ, ситэ утуйбатахпына, сыыҥ-сыраан буолаары гыннахпына эрэ куттабын. Эмп курдук. Оччоҕо этим-сииним соһуйан, организмын олох атыннык үлэлээн барар, үтүөрдэр. Итини биһиги медицинабыт үчүгэйдик үөрэппэккэ сылдьар. Ол эрээри, стресс уһуо суохтаах, кылгас кэмҥэ эрэ буолуохтаах.
This post was published on 01.11.2016 17:45 17:45