Убаастабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Россия күнүнэн эҕэрдэлиирбин көҥүллээҥ!
1990 сыллаахха РСФСР народнай дьокутааттарын бастакы сийиэһигэр, дойдубутугар Россия Федерацията (Россия) диэн саҥа ааты иҥэрэн, Россия судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыныллыбыта. Россия күнэ – биһиги судаарыстыбабыт көҥүлүн, демократиятын уонна федерализмын, суверенитетын дьоһуннаах бырааһынньыга. Россия күнэ – дойдуга бэриниилээх буолуу бырааһынньыга, биһиги аҕаларбыт, эһэлэрбит ситиспит кыайыыларынан киэн туттуубут уонна сырдыкка, инникигэ эрэлбит туоһута.
Тэҥ бырааптаах норуоттар сомоҕолоспут Улуу Россиябыт Ийэ дойдуга төлөннөөх таптал, эстибэт эрчим, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыл уонна өбүгэлэрбит хаалларбыт үгэстэригэр сүгүрүйүү өрүү үтүө холобурунан буолуоҕа. Дойдубут дьоно бэйэ-бэйэни өйөһөн-өйдөһөн, үйэлэри уҥуордаан, омугуттан тутулуга суох доҕордуу сыһыаны өрө тутан кэллилэр. Бу истиҥ ураты сыһыан биһиги судаарыстыбабытын өссө бөҕөргөтөр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ инникитин даҕаны дойдубут чэчирии сайдарын туһугар күүһүн-кыаҕын холбоон, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка уонна Арктикаҕа Россия форпоһунан буолуоҕа.
Эһиэхэ уонна эһиги чугас дьоҥҥутугар дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну уонна чэгиэн-чэбдик доруобуйаны баҕарабын! Биһиги үрдүбүтүгэр өрүү эйэни, эрэли уонна күүһү көрдөрөр маҥан-күөх-кыһыл дьүһүннээх Россия Федерациятын былааҕа дохсуннук тэлээрдин.
Бырааһынньыгынан! Россия күнүнэн!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев
This post was published on 12.06.2020 10:22 10:22