«ЛОРП» «Петр Бекетов» теплохода бастакынан нефтеналивной флоттан таһаҕаһы наадыйааччыларга тириэртэ. Ыам ыйын 12 күнүгэр Осетровоттан танкер таҕыста. Билигин уу аала Ленскэй нефтебазатыгар сүөкэнэр, суруйар СИА пароходство пресс-сулууспатыгар сигэнэн.
Ыам ыйын 22 күнүгэр Осетровоттан Ленскэйгэ ЛОРП Киренскэйдээҕи судоходнай учаастагын бириискэтин «Аян» буксира тигистэ. Састаап МП-2519 баржаны кытта 252 улахан диаметрдаах турбалары тиксэрдэ. Таһаҕас уопсай ыйааһына 2280 тн. Экипаһы уопуттаах капитан — механик бастакы көмөлөһөөччүтэ Сергей Суханов салайар.
Ыам ыйын 23 күнүнээҕи туругунан, ЛОРП тэрилтэ эксплуатациятыгар 55 тырааныспар баар: 21 ньиэп сүөкүүр уонна 34 кураанах таһаҕаһы тиэйэр флот. Осетровоттан «Ульяна Громова» буксир МН-1701 баржаны кытта таҕыста, метанол тиэйиилээх. Бүлүү эбэнэн Кыһыл Сырга тиийиэхтээх. Өлүөхүмэҕэ гиипсэни тийэиигэ туруннулар. МП-2586 баржа тиэннэ, МП-2507 баржаҕа гиипсэни тиэйэллэр. Кинилэри кытта «Конда» буксир үлэлиир.
Дьокуускай аннынан муус хамсаата. Жатайга «РТ-774», «РТ-484», «Клязьма», «ОТ-2038;2048» уонна «Механик Мельников» үлэлииллэр. «Капитан Бородкин» уонна «Капитан Бабичев» ледоколлар баржалары муустан босхолууллар. Муус барбытын кэннэ Бүлүү эбэҕэ тахсыахтара «Сибирские» — «Капитан Орлов», «Капитан Шандровский», «Дионисий Хитров» уонна буксирдар. «СК-2022» ууга таһаарылынна, Дьокуускай — Аллара Бэстээх сылдьыаҕа.
Алдан өрүскэ уу муустан ыраастаннаҕына Дьабарыкы Хайа диэки Аммаҕа анаммыт чоҕу тиэйэ «РТ-731; 776», «Иннокентий Высоких», «Суетин», «Капитан Зырянов», «ОТ-2050», «СК-2040», п/к Т-921 уу ааллара турунуохтара.
This post was published on 24.05.2022 12:01 12:01