Петр Аммосов: Промышленнай оройуоннарга быыбар түмүгүттэн соһуйдум

 

РФКП Госдума быыбарыгар кыттыбыт Петр Аммосов барылаан ааҕыынан куолас 15,13% ылан, үһүс миэстэҕэ иһэр. Саха сирин промышленнай оройуоннарыгар куоластааһын түмүгэ соһуппутун СИА-ҕа кини эттэ.


«Биһиги Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Мииринэйгэ уонна Ленскэйгэ оройуоннааҕы кэмитиэппит үлэтин ойуччу тутан бэлиэтиэхпин баҕарабын. Онно куолас улахан бырыһыанын ыллым», — диир Петр Аммосов.

Алдаҥҥа РФКП 1982 куолаһы ылан үһүс миэстэҕэ таҕыста. Нерюнгрига (2871 куолас) — 4 миэстэ, Ленскэйгэ (1150 куолас) — 4 миэстэ, Мииринэйгэ (3620 куолас) — 3 миэстэ буолла.

This post was published on 19.09.2016 16:45 16:45