Петр Алексеев бастыҥ нэһилиэктэргэ 3 мөл.солк. суумалаах граннары туттарда

Тыа хаһаайыстыбатын, ас-үөл политикатын миниистирин, бырабыыталыстаба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы э.т. Петр Алексеев 3 мөлүйүөн солк. суумалаах граннары 2015 сылга тыа хаһаайыстыбатыгар үрдүк кирбиини ситиспит нэһилиэктэр баһылыктарыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.


Грант иһин куонкуруска кыттыбыт хаһаайыстыбалар 2014 сылы кытта тэҥниир көрдөрүүлэрэ кыайыылаахтары таларга сүрүн критерий буолла.

Куонкуруска уопсайа 107 нэһилиэк кытынна. Бастакы бөлөххө Үөһээ Бүлүү Ороһута уонна Дүллүкүтэ, Нам улууһун Үөдэйэ, Ньурба оройуонун Маар сэлиэнньэтэ, Уус Алдан Суоттута кыайыылаах буоллулар.

Иккис бөлөххө Бүлүү Лөкөчөөнө, Горнай Кировскайа, Кэбээйи 1-кы Лөкөчөөнө, Ньурба Дьаархана, Хаҥалас 2-с Малдьаҕара, Мэҥэ Хаҥалас Догдогинскэй нэһилиэгэ граҥҥа тигистилэр.

Үһүс бөлөххө Чурпчы Муҥудайа, Хадаара, Сылаҥа, Чакыра, Таатта Даайа-Аммата, Игидэйэ, Амма нэһилиэктэрэ, Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтэ кыайыылаах үрдүк аатын ыллылар.

Төрдүс бөлөххө Эбээн Бытантаай Баатаҕай Алытата буолла.

This post was published on 15.06.2016 14:18 14:18