Саха сирэ XXVI Петербургтааҕы норуоттар ардыларынааҕы экономика форумугар 12-тэн итэҕэһэ суох сөбүлэҥ суруйсар былааннаах. Тэрээһин бэс ыйын 14 — 17 күннэригэр буолар.
Сөбүлэҥ суруктар өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар туһаайыллаллар. Ол курдук, «ДББ» уонна АК «АЛРОСА» (ПАО) тэрилтэни кытта гелий ыларга айылҕа гааһын оҥорон таһаарыыга комплекс тэрийиитигэр, РФ Илини сайыннарыыга министиэристибэтин кытта Дьокуускай маастар-былааныгар, Сбербааны кытта киин куоракка «Школа 21» бырагырааманы олоххо киилэриигэ, «Якутия» АХ көтөр аалларын пааркатын кэҥэтиигэ уонна да атын хайысхаларга кэпсэтиилэр барыахтара.
2023 сыллааҕы форум тиэмэтэ — «Суверенное развитие – основа справедливого мира. Объединим усилия во имя будущих поколений». Бырагыраамаҕа 140-тан тахса маастар-кылаас, сессиялар уонна бизнес-көрсүһүүлэр бааллар.
This post was published on 14.06.2023 09:01 09:01