Аҕыйах сылтан бэттэх Петербурдааҕы экэниэмикэ пуорума тас дойдулары кытары үлэлэһиигэ, инвестицияны киллэриигэ улахан оруолу ылар буолла. Быйылгы сугулааҥҥа сүүстэн тахса дойдуттан 12 тыһыынчаттан тахса кыттааччы сырытта. Итини таһынан бу тэрээһин биир уратытынан мунньахха дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин үгүс саҥа этиини киллэрэрэ буолар. Онон бу нүөмэргэ Владимир Владимирович этиилэриттэн сүрүннэрин ылан көрүөххэ.
“Росатом” аан дойдуга бастакы
Арассыыйа аан дойду ырыынагар, туох да диэбит иһин, төһө да арҕааҥҥы дойдулартан хааччахтана олорбутун иһин, биир баһылыыр-көһүлүүр оруолу ылар. Холобур, Азия судаарыстыбаларын кытары атыыны-тутууну ыытыы 2020 сылтан 60 бырыһыан үрдээбит. Европаттан чугас сытар илиҥҥи дойдулары кытары икки төгүл, оттон Африканы кытары — 69, Латинскай Американы кытары — 42 бырыһыан эбиллибит.
Манна биир улахан оруолу Евразиятааҕы экэниэмикэ сойууһа ылар. Ону таһынан Владимир Путин аан дойду энергетикатыгар “Росатом” хампаанньа ылар оруола улаханын эттэ.
— Евразиятааҕы экэниэмикэ сойууһугар киирбит дойдулары кытары биһиги биир ситимнээхтик үлэлии олоробут. Ааспыт сылга Сойуус дойдуларын уопсай валовай бородуукталара 3,8 бырыһыанынан үрдээбит. Оттон хардарыта табаарынан эргинии 4,7 бырыһыанынан эбиллибит. Манна даҕатан эттэххэ, Арассыыйаттан сырьеттан атын үрдүкү технологиянан оҥоһуллубут бородууксуйа таска тахсара эбилиннэ. Холобур, билигин “Росатом” ядернай энергетикаҕа аан дойду үрдүнэн инники күөҥҥэ иһэр хампаанньа, кини аан дойду энергетикатыгар ылар оруола улахан, — диэн этэр кини.
Хотугу муустаах муораҕа анал хамыыһыйа
Тас дойдулары кытары үлэлэһиигэ суол-иис, тырааныспар улахан оруоллаах. Владимир Путин пуорум кэмигэр Уһук Илин эрэгийиэннэргэ Хотугу муустаах муоранан сырыыны сөргүтүүгэ улахан эппиэтинэс сүктэриллибитин бэлиэтээн эттэ.
— Ырыынагы кэҥэтиигэ, биллэн турар, тырааныспар, суол-иис боппуруоһун көрөр наада. Илин өттүбүтүгэр Кытайга, Азия, Чуумпу акыйаан дойдуларын кытары үлэлэһиигэ Илиҥҥи тимир суолу тутууга улахан болҕомтобутун уурабыт. Ону таһынан “Хоту-соҕуруу”, Азов, Хара муораларга тиийэр суоллары оҥорууга. Биир улахан сорукпутунан Арктикаҕа Хотугу муустаах муоранан айаны сөргүтүү буолар. Былырыын бу суолунан 36 мөлүйүөн туонна таһаҕас таһыллыбыта. Кэнэҕэскитин бу 150 мөлүйүөн туоннаҕа диэри тиийииэхтээх. Ол иһин инфраструктураны сайыннарыы, Арктикаҕа пуортары тутуу салгыы ыытыллан баран иһиэҕэ. Манна улахан оруолу дойдубут хотугу эрэгийиэннэрэ ылыахтара. Судаарыстыбаннай сэбиэт иһинэн Арктика эрэгийиэннэрин уонна Хотугу муустаах муоранан айаны сайыннарыыга анал хамыыһыйа тэриллиэҕэ, — диэн иһитиннэрдэ.
Солкуобайынан төлөһүү эбиллибит
Владимир Путин дойдулар кыраныыссаларынан таһаҕаһы туоратыыга саҥа нуормалар киирбиттэрин, судаарыстыбалар бэйэлэрин национальнай харчыларынан хардарыта төлөһүүлэрэ эбиллибитин эттэ.
— Ааспыт сылынан ылан көрдөххө, табаарбытын таска таһааран атыылыырбытыгар уонна тастан атыылаһар табаардарбытыгар солкуобайынан төлөһүү быдан эбиллибит, 40 бырыһыаҥҥа тиийбит. Ол оннугар дуолларынан, евронан төлөһүү икки бүк кыччаабыт. Сылларынан ылан көрдөххө, 2021–2023 сылларга Арассыыйа экспортка таһаарар табаардарын солкуобайынан төлөһүүтэ үс төгүл эбиллибит, — диэн этэр.
БРИКС суолтата үрдээтэ
Итини таһынан тас дойдулары кытары үлэлэһиигэ Владимир Владимирович БРИКС түмсүүтүн туһунан эттэ.
— Былырыын БРИКС түмсүүтүгэр тута биэс судаарыстыба киирбитэ: Саудовскай Аравия, Иран, Араб Холбоһуктаах Эмираттара, Египет уонна Эфиопия. Онон түмсүү аан дойдуга ылар оруолунан да, хабар сиринэн да быдан кэҥээтэ, үрдээтэ. Билигин да түмсүүгэ киириэн баҕалаах дойдулар аҕыйаҕа суохтар. Биллэн турар, кинилэри кытары үлэбитин салгыы ыытыахпыт, — диэн бэлиэтээтэ.
Санатан этиим, быйыл БРИКС түмсүүтүн тэрээһиннэрин Арассыыйа иилээн-саҕалаан ыытар. Түмсүү быйылгы улахан сугулаана алтынньыга Татарстаҥҥа ыытыллыахтаах. Бу күннэргэ Аллараа Новгородка сугулаан чэрчитинэн тас дойдулары кытары үлэлэһэр миниистирдэр көрсүһүүлэрэ буолла. Турция миниистирэ Финан Хакан Владимир Путины кытары көрсөн, түөрт муора дойдута БРИКС түмсүүтүгэр эмиэ киирэр баҕалааҕын иһитиннэрдэ. Онон түмсүү өссө да кэҥии турар.
Үлэтэ суох буолуу бырыһыана кыччаабыт
Дойдубут аҕа баһылыга Анал этиитигэр эдэр исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ туспа биир түһүмэҕи анаан турар. Мантан сиэттэрэн анал национальнай бырайыак олоххо киирбитэ. Владимир Путин бэлиэтииринэн, билигин Арассыыйаҕа үлэтэ суох буолуу көрдөрүүтэ 2,6 бырыһыан буолбут. Бу хаһааҥҥытааҕар да намыһах.
— Үлэ ырыынагын сайыннарыыга улахан болҕомто ууруллар. Холобур, муус устарга үлэтэ суох буолуу баара-суоҕа 2,6 бырыһыаҥҥа тэҥнэспит. Буолаары буолан, эдэр дьон үлэҕэ киириилэрэ эбиллибит, ону сэргэ үлэтэ суох буолуу бырыһыана үрдүк эрэгийиэннэригэр, нэһилиэнньэлээх пууннарыгар үлэҕэ киирии элбээбит. Онон киэҥ билиилээх, бары өттүнэн сайдыылаах исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ, үлэ ырыынагын хааччыйыыга биир эмиэ сүрүн болҕомтобутун уурабыт, — диэн иһитиннэрдэ бэрэсидьиэн.
Биэнсийэ үрдүөҕэ
Пуорум кэмигэр Владимир Путин социальнай боппуруостары эмиэ таарыйда. Ол иһигэр эһиилгиттэн биэнсийэ киһи үлэлиириттэн, үлэлээбэтиттэн тутулуга суох үрдүөҕүн туһунан иһитиннэрдэ.
— Нэһилиэнньэни кытары көрсүһүүбэр биэнсийэ туһунан боппуруоһу куруутун туруораллар. Хомойуох иһин, былырыыҥҥа диэри үп-харчы кырыымчык буолан, үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэ үрдээбэтэҕэ. Билигин дойдубут үп-харчы өттүнэн бу боппуруоһу көрөр кыахтаах. Онон эһиилгиттэн олунньуттан саҕалаан үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ эмиэ биэнсийэни тэҥҥэ үрдэтиэҕиҥ. “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа бырабыыталыстыбаны кытары сокуон барылын оҥорон киллэриҥ, — диэн эттэ.
Айар үлэһиттэргэ болҕомто
Владимир Путин олохтоох оҥорон таһаарыыга сыһыаран эрэгийиэннэр бэйэлэрин бреннэрин таһаарыыга күүскэ үлэлэһиэхтэрин наадатын бэлиэтээтэ. Ону таһынан айар (креативнай) индустрияҕа анал федеральнай сокуон тахсыаҕын туһунан иһитиннэрдэ.
— Кэлиҥҥи сылларга эрэгийиэннэр бэйэлэрин оҥорон таһаарыыларын, бэйэлэрин бреннэрин сайыннарыыга ураты болҕомто уурар буол-
лулар. Бу, биллэн турар, култуураны, үгэһи кытары сибээстээх. Ону таһынан предпринимателлэр дойдуларыгар бэриниилээхтэрин, эрэгийиэннэрин уратытын таһаара сатыылларын көрдөрөр. Билигин үгүс олохтоох оҥорон таһаарааччылар креативнай, айар индустрияттан тахсаллар. Эрэгийиэннэр салалталара да бу хайысхалары өйүүллэрэ көстөр. Онон сааскы сессияҕа парламент креативнай индустрияны көрөр федеральнай сокуон барылын ырытыыга таһаарыаҕа дии саныыбын, — диэн иһитиннэрэр бэрэсидьиэн.
Ипотека
Билэргит курдук, билигин дойду үрдүнэн дьиэни ылыыга хас да көрүҥ ипотека баар. Дьиэ кэргэн ипотеката 2030 сылга диэри уһаан турар. Владимир Путин манна сыһыаран чэпчэтиилээх ипотеканы кыра куораттарга уонна олорор дьиэ тутуута намтаабыт эрэгийиэннэригэр киллэрэн биэрэргэ эттэ.
— Билигин биһиги дьиэ кэргэн ипотекатын 2030 сылга диэри уһатан турабыт. Ону таһынан чэпчэтиилээх кирэдьиити алталарыгар диэри кыра саастаах оҕолоох дьиэ кэргэн туһаныан сөп. Манна кыра куораттарга уонна олорор дьиэлэри тутуу көрдөрүүтэ намыһах эрэгийиэннэригэр анал чэпчэтиини көрөргө этии киллэрэбин. Бу чэпчэтиинэн икки оҕолоох ыаллар туһаныахтарын сөп, оҕолоро хас саастааҕыттан тутулуга суох. Сүрүнэ ипотеканы толорор кэмҥэ биир оҕо хайаатар да сокуоннай сааһын ситэ илик буолуохтаах. Итини таһынан маннык чэпчэтии бэйэ дьиэтин туттууга эмиэ киириэҕэ, — диэн этэр Владимир Владимирович.
Источник: Саха сирэ саайт
This post was published on 17.06.2024 11:02 11:02