Президент пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков СМИ-ни кытта кэпсэтэригэр, Россия Украинаны кытта «переговорга» бэлэмин эттэ, суруйар ТАСС.
«Россия сүрүннээн кэпсэтиигэ бэлэм, ити эрээри бастаан өйдүөхпүтүн наада, Украина өттүттэн төһө бэлэмнээхтэрин, уонна бэйэлэрин куратордарыттан онно көҥүл ылалларын», — диэтэ Песков.
Санаттахха, эрдэ Владимир Зеленский Ватикан судаарыстыбаннай сэкирэтээрэ, кардинал Пьетро Паролины кытта көрсүһүүтүгэр сэрии түргэнник бүтэрэ наадатын бэлиэтээбитэ. От ыйын 21 күнүгэр ВВС интервьютугар Зеленский РФ президенэ Владимир Путины кытта кэпсэтэргэ бэлэмин эппитэ. Ити эрээри бэлиэтээтэххэ, Украинаҕа маннык дьайыы оҥоһулларыгар бобор ыйаах баар.
This post was published on 26.07.2024 09:33 09:33