Ахсынньы 31 күнүн өрөбүлүнэн ааҕыыны регионнар былаастара бэйэлэрэ быһаараллар, диэн суруналыыстарга Россия бэрэсидьиэнин пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков эттэ, суруйар Российская газета.
Кириэмил бэрэстэбиитэлиттэн суруналыыстар регионнар көҕүлээһиннэрин туһунан ыйыттылар. Эрдэ Белгородскай уобалас салалтата ахсынньы 31 күнүн өрөбүлүнэн быһаарбыта.
«Бу регионнар бэйэлэрин быһаарыылара. Официальнай өттүнэн көрдөххө, бу үлэ күнэ«, — диэтэ кини.
This post was published on 03.12.2020 14:01 14:01