Перинатальнай киин төрүүр ийэлэргэ аанын арыйар

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан, 2018 сылга диэри дойдуга 90 Перинатальнай киин тутуллуохтааҕа. Саха сирэ олор истэригэр киирэн сылдьыбыта уонна түөрт сыл иһигэр тутуллан, үлэҕэ киирэн эрэр.


Бүгүн, кулун тутар 12 күнүгэр, Дьокуускай куоракка 130 куойкалаах саҥа Перинатальнай кииҥҥэ төрүүр дьахталлар аан бастаан  киириэхтэрэ. Онтон кулун тутар 15 күнүгэр Киин үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыаҕа.

Саҥа кииҥҥэ төрүүр дьахталларга 20 кв миэтэрэ иэннээх, туспа душтаах, холодильниктаах, телевизордаах биир миэстэлээх балааталар бааллар. Манна болдьохторун иннинэ төрөөбүт кырачааннары ураты ньыманан көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ. Ол курдук, доруобуйа харыстабылын өссө биир сүҥкэн эбийиэгэр урут туттулла сылдьыбатах технологиялар туһаныллыахтара.

Л. Вербицкая

Ол туһунан СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Людмила Вербицкая маннык кэпсээтэ:

“Биһиги кииммит, бастатан туран, төрүүр ийэ уонна оҕо харыстабылыгар үлэлиир. Онтон биирдэстэринэн болдьоҕун иннинэ төрөөбүт кырачааннары көрүү-истии буолуоҕа. Киһи ытыһын эрэ саҕа кээмэйдээх уонна баара-суоҕа 500 грамм ыйааһыннаах оҕо төрөөтөҕүнэ, кинини аныгы инновационнай технологиялар көмөлөрүнэн ситиһиннэрэр (ол иһигэр эт-хаан уонна сайдыы өттүнэн) кыахтаахпыт. Дьахтар төрөөһүнэ улахан дьол. Онон, ийэлэр оҕо төрөтөр дьолун тупсаҕай усулуобуйаҕа билиэхтэрэ”, — диэтэ.

Перинатальнай киин 300-чэ үлэһиттээх буолуоҕа. СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ наадалаах каадырдары түөрт сыл устата медицина институтугар уонна коллеһыгар үөрэттэрдэ. Кинилэр бары клиническэй базаларга, төрүүр дьиэлэргэ, дьахтар консультацияларыгар үлэлээн, үөрүйэхтэннилэр.

Миниистири солбуйааччы иһитиннэрбитинэн, оҕо күүтэр ийэлэр, уруккуларын курдук, олорор сирдэринэн бэйэлэрин поликлиникаларыгар көрдөрүнэллэр. Оттон акушер-гинеколог дьахтар доруобуйатын көрдөрүүтүнэн Медицина национальнай киинигэр баар перинатальнайга эбэтэр саҥа аһыллар Перинатальнай кииҥҥэ ыытыан сөп. Саҥа кииҥҥэ Дьокуускай куорат уонна өрөспүүбүлүкэ улуустарын ийэлэрэ, кырачааннара эмтэнэр кыахтаахтахтар. Манна сыһыаран эттэххэ, 8 мэндиэмэннээх дьиэҕэ  190-ча (130 – Арассыыйаҕа ылыллыбыт нуорма) миэстэҕэ тиийэ улаатыннаран үлэлиир кыахтааҕын туһунан Людмила Вербицкая тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

This post was published on 12.03.2018 09:26 09:26