Пенсионеры халаабыт дьахтары сууттуохтара

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата гражданка У-га буруйдуур түмүгү таһаарда. Буруйданааччы халааһын иһин эппиэккэ тардыллыаҕа.


Силиэстийэ быһаарбытынан, У. итирик сылдьан уулуссаҕа кырдьаҕас эр киһини көрсүбүт уонна киниттэн харчы көрдөөбүт.

Эр киһи харчы биэрбэтэх. Пенсионер кумааһынньык тута сылдьарын көрөн, дьахтар ону былдьаан баран куоппут. Кумааһынньыкка баар 2 100 солк. харчынын У.арыгы атыыласпыт.

This post was published on 04.07.2016 11:44 11:44