XXIV кыһыҥҥы Олимпийскай оонньуулар Пекиҥҥэ олунньу 4 — 20 күннэригэр буолаллар. Россияттан 212 спортсмен кыттар. Кинилэр төһө да национальнай символиката суох, Россия Олимпийскай кэмитиэтин аббревиатуратынан (ROC) кыттыбыттарын иһин, биһиги спортсменнарбыт буолалларын дойду барыта билэр, киэн туттар, хас биирдиилэригэр «ыалдьар».
Россия спортсменнарын музыкальнай батыһыннарыыга Петр Чайковскай №1-дээх оркестрын фортепианоҕа кэнсиэриттэн быһа тардыы тыаһыаҕа.
Пекиҥҥэ барыта 109 кэмпилиэк наҕараада спорт сэттэ көрүҥэр оонньонуоҕа, МОК классификациятын сөбүлэҥин ааспыт, 15 дисциплинаны холбуур.
Олунньу 4 күнүгэр фигурнай хаҥкылааһыҥҥа хамаанданан турнир ыытыллар — соҕотохтуу кылгас көрдөрүүлэр уонна спортивнай пааралар, дуэттар ритм-үҥкүүнэн киирсиэхтэрэ. Россия спортсменнара үгэс быһыытынан фавориттар буолаллар. Хамаандаҕа Европа чемпиона Марк Кондратюк (соҕотохтуу), аан дойду чемпионнара (2021) уонна Европа икки төгүллээх чемпионнара (2020, 2022) Виктория Синицина уонна Никита Кацалапов (мууска үҥкүү), аан дойду чемпионнара (2021) уонна Европа чемпионнара (2022) Анастасия Мишина уонна Александр Галлямов (спортивнай пааралар) бааллар.
Бүгүн Олимпиадаҕа хоккейга бастакы матчтарын дьахталлар сүүмэрдэммит хамаандалара саҕалыыр. Швейцариялары кытта күөн көрсөллөр. Швейцаркалар, Сочи оонньууларыгар боруонса мэтээли иилиммиттэрэ, оттон Пекиннээҕи оонньууларга иккис тахсыылара буолар. Канадаларга 1:12 ахсаанынан хотторбуттара.