Оройуоттар уонна куорат уокуруктарын олохтоох салайыныы уоргаттара учууталлар кылааһы салайыыларыгар көрүллэр эбии ыйдааҕы төлөбүрдэрин хааччыйар боломуочуйа сүктэрилиннэ. Быһаарыыны регион бырабыыталыстыбата ылынна. Маннык төлөбүрү 9000-тан тахса педагог ылыахтаах, СИА.
Санатар эбит буоллахха, кылааһы салайыы иһин учууталга эбии 5000 солк көрүллэр. Дойду президиэнэ Владимир Путин быһаарыыта буолар.
Регион үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ Михаил Сивцев эппитинэн, эбии төлөбүрү ылааччы ахсаана — 9179. «Ый аайы кылааһы салайыы иһин харчынан төлөбүр атырдьах ыйын 31 күнүнээҕи туругунан быһаарыллыбыт кылааһы салайыыга төлөбүргэ эбии буолар. Төлөбүр оройуоннааҕы коэффициены уонна страховой усунуоһу учуоттуур», – диэтэ миниистир.
Федеральнайдааҕы бюджеттан 2021 сылга – 1,6 млрд солк, 2022 сылга – 1,6 млрд солк. көрүлүннэ.
This post was published on 15.09.2020 16:03 16:03