Павел Трофимов: “Кэлии эт буолбатах”. Дьокуускайга Чурапчы этэ атыыланна

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Кыстыкка киириинэн хас ыал ахсын сыл тахсар этинэн хааччыныы кыһалҕата турда. Этэ суох, атыылаһан олорор дьон ханна үчүгэй эмис эт атыыланарын туһунан истэ-билэ сылдьаллар. Ол эрээри бэҕэһээ социальнай ситиминэн чурапчылар Дьокуускайга “Триумф” таһыгар атыылаабыт эттэрэ кэлии эт эбит, бэчээтигэр көстө сылдьар диэн сурах тарҕанан, дьону аймаата. Үгүс киһи итэҕэйдэ, сорох кэлэйдэ, суруйда Саха сирэ саайт.

Бу сурах төһө оруннааҕын туһунан эти атыылаабыт чааһынай тэрилтэ салайааччыта Павел Трофимов “Саха сирэ” хаһыат саайтыгар маннык хоруйдаата:

— Биһиги чааһынай тэрилтэбит. Чурапчы улууһун этин үһүс сылбытын атыылыыбыт. Ол курдук, чааһынай дьонтон эти тутабыт, аҕалан атыылыыбыт. Сүрүннээн улуус тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар Мырыла дэриэбинэтин кытта үлэлэһэбит. Бу сырыыга “Триумф” иннигэр 12 туонна курдугу атыылаатыбыт. Илин өттүн 690 солк., кэлин өттүн – 790 солк. сыанаҕа атыылаабыппытын куорат олохтоохторо хото атыыластылар. Эппитин Чурапчыттан биир нэдиэлэ хомуйан баран, үс күн ледоколу кэтэһэн олорбуппут. Онтон улахан айан массыыналарын суоппардарыттан нэһилиэнньэҕэ сибиэһэй эти илдьэ иһэбит диэн көрдөһөн, быһа киллэрэн абыраабыттара. Биһиги сыл аайы атыылыыбыт, онон ааппытын-суолбутун харыстыыбыт. Эккит үчүгэй диэн элбэх баҕайы киһи махтаммыта, билигин да: “Дьиҥнээх сахалыы миин иһэн абыранныбыт”, — диэн эрийэллэр. Онон биһиги атыылаабыт эппитигэр ханнык да кэлии эт суох этэ диэн чопчу этэбит. Билиҥҥи ирдэбилинэн эт барыта бэчээттэнэр. Биһиги туппут эппитин барытын анаалыска ыытабыт уонна ол түмүгүнэн бэтэринээринэй сибидиэтэлистибэ ылабыт уонна эккэ бэчээт туруортарабыт. Элбэх ыарахаттары көрсөн, Дькуускай куорат олохтоохторун удамыр сыанаҕа сибиэһэй этинэн төһө кыайарбытынан хааччыйбыппыт кэннэ, итинник сымыйа сурахтары соруйан тарҕаталларыттан киһи олус хомойор.

This post was published on 05.11.2024 15:03 15:03