Павел Пинигин турнирыгар саха бөҕөстөрө алта кыһыл көмүс мэтээли иилиннилэр

Фото: Дьулустаан Сергеев, ЯСИА

Олимпийскай чемпион Павел Пинигин чиэһигэр норуоттар ардыларынааҕы турнирга Саха сирин эдэр бөҕөстөрө алта кыһыл көмүс мэтээли ыллылар. Күрэхтэһии 16-гар диэри саастаахтарга ыытылынна.

Сахалары кытта сэргэ, үрдүк наҕарааданы Тыва, Ингушетия, Амурскай уобалас, Кыргызстан уонна Таджикистан бэрэстэбиитэллэрэ ыллылар, суруйар СИА.

Олимпийскайскай оонньуулар кыайыылаахтара Павел Пинигин аатыгар ыытыллар турнир «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа бирииһигэр буолла, Манна 16-гар диэри саастаах 500-тэн тахса спортсмен кытынна.

Тустуу 17 ыйааһыҥҥа барда. Олортон алтатыгар саха бөҕөһө кыһыл көмүс мэтээли иилиннэ. Кыра 24 кг ыйааһыҥҥа 38 тустуук кытынна, кыайыылааҕынан Хаҥалас улууһуттан Руслан Афанасьев буолла. Бүлүүттэн Николай Коновалов 28 кг диэри, 41 кг диэри түөрт мэтээлтэн үһэ чурапчыларга хаалла, ол иһигэр Игорь Аталаров кыайда.

68 кг диэри Бүлүүттэн Пантелеймон Софронеев 12 кыттааччыны сабардаан, бастыҥ буолла. Ньурбаттан Юрий Николаев 75 кг диэри, оттон Хаҥаластан Айхан Кривошапкин — 85 кг диэри кыайдылар.

This post was published on 07.07.2023 11:29 11:29