Кулун тутар 31 – муус устар 2 күннэригэр “Триумф” Спорка бэлэмнэнии киинигэр олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин аатынан “Саха сирин тимир суоллара” тэрилтэ бирииһигэр 2004-2005 сс. төрөөбүт уолаттарга уонна 2002 с. төрөөбүт кыргыттарга көҥүл тустууга Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук аһаҕас түһүлгэтэ ыытыллан түмүктэннэ, диэн edersaas.ru иhитиннэрэр.
Манна Амурскай уобаластан, Агинскай Бурятскай уокуруктан, Забайкальскай, Хабаровскай кыраайдартан, Биробиджантан, Бурятияттан, Новосибирскайтан уонна Саха сирин улуустарыттан барыта 37 хамаандаттан 680 кыттааччы күөн көрүстэ.
Биллэрин курдук, бу иннинэ Павел Пинигин уонна “Саха сирин тимир суоллара” тэрилтэ бириистэригэр күрэхтэһии тус-туспа ыытыллаллара. Оттон быйылгыттан холбоһон, биир күрэхтэһии быһыытынан тэрилиннэ. Кыттааччы ахсаана наһаа элбэх буолан, кыргыттар барыллааһын киирсиилэрэ “Триумф” иккис этээһигэр, эрчиллэр саалаҕа буоллаҕа. Оттон уолаттар сүрүн саалаҕа үс көбүөрүнэн туһуннулар. Ол да буоллар, күрэхтэһии туох да тохтобула үс күн тилэри ыытылынна. Манна эбии, күрэхтэһии – ким иккитэ хотторбут туорааһыннаах ыытыллыбытын санатар тоҕоостоох. Кыайыылаах үс күн түмүгүнэн быһаарылынна.
Дьэ, манна буолла, кэтэһэн-манаһан турбакка аһаҕас киирсии, ыла-ыла бырахсыы, албастаһыы. Быһатын сэргэх тустууну көрдүбүт. Уолаттар “миэлиҥсэ”, “накат”, “кириэс”, күлүүстээһин, атахха киирбит киһини төбөтүн оройунан хойуоһуннарыы (обратнай) албастарын балачча баһылаабыттарын көрдөрдүлэр. Бары дьиҥнээхтик, туох баардарынан-суохтарынан туһуннулар. Хотторон баран ытааһын даҕаны элбэхтик көһүннэ. Биир өттүнэн ылан көрдөххө, билиҥҥи оҕолор төһө да уйаннарын үрдүнэн, ити үчүгэй көстүү. Инникитин өссө үчүгэйдик дьарыктанан, сыыһаларын-халтыларын көннөрүнэн, кыайыыга дьулуһуохтара турдаҕа дии саныыгын. Ордук Амма, Сунтаар, Бүлүү, Хаҥалас уонна биллэн турар, киин куорат эдэр тустууктара ситиһиилээхтик кытыннылар, элбэх мэтээлгэ тигистилэр. Ол аата, итиннэ тренердэр айымньылаахтык үлэлииллэрэ көстөр. Биир бэйэм Амматтан бэрт сытыы-хотуу туттуулаах Петя Иванов, 35 киилэҕэ 91 кыттааччыттан бастаабыт Андрей Мидловец уонна Хаҥаластан араас албастаах Кирилл Дорожкин – тустууларын астынным.
Күрэхтэһии бастакы күнүгэр уолаттарга аан дойду чөмпүйүөннэрэ Петр уонна Алексей Копыловтар (тренер Яков Филиппов) турнир кыттыылаахтарыгар маастар-кылаас көрдөрбүттэрэ, түһүлгэни киэргэтэн биэрдэ.
Үс күннээх тыҥааһыннаах, сытыы киирсиилэр кэннилэриттэн бэйэлэрин ыйааһыннарыгар бастаатылар: 24 кг – Витя Иванов (Амма), 26 кг – Ярослав Осипов (Хаҥалас), 28 кг – Ренат Спиридонов (Бүлүү), 30 кг – Буянто Доржиев (Агинскай), 32 кг – Данил Веденчук (Амурскай), 35 кг – Андрей Мидловец (Амма), 38 кг – Кирилл Дорожкин (Хаҥалас), 42 кг – Тамир Ешинимаев (Забайкальскай), 46 кг – Айыллаан Романов (Нам), 50 кг – Айтал Белолюбскай (Мэҥэ Хаҥалас), 55 кг – Вова Дьячковскай (Чурапчы), 60 кг – Костя Ефимов (Муома), 65 кг – Ньургун Малышев (Таатта), 70 кг – Саша Никифоров (Хаҥалас), 70-тан үөһэ кг – Матвей Нещадим (Новосибирскай). Оттон кыргыттарга: 28 кг – Виолетта Бирюкова (Дьокуускай), 30 кг – Алена Евсюкова (Хаҥалас), 32 кг – Дайаана Гуринова (Сунтаар), 34 кг – Лена Слепцова, 37 кг – Күндүүнэ Борисова (иккиэн Уус Алдан), 40 кг – Александра Копылова (ОЭУ), 44 кг – Ксения Леханова (Нерюнгри), 48 кг – Алина Афанасьева (Мирнэй), 52 кг – Саяна Илларионова, 56 кг – Саина Илларионова (иккиэн Усуйааана).
Кыайыылаахтарга уонна кинилэр тренердэригэр бириистэри олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин, “Саха сирин тимир суоллара” тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Дмитрий Трофимов, Ил Түмэн дьокутаата Александр Уаров, спорт үтүөлээх маастардара Александр Иванов, Василий Гоголев, СӨ спортивнай тустууга федерациятын бэрэсидьиэнэ Семен Березин, күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Аркадий Тастыгин, уо.д.а. туттардылар.
Олимпийскай чөмпүйүөн, күрэхтэһии тэрийээччитэ Павел Пинигин:
—Быйылгы күрэхтэһии сүрүн уратыта Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук эрэ буолбакка, аһаҕас турнир быһыытынан ыытылынна. Манна даҕатан эттэххэ, ыалдьыттарбыт куһаҕана суох көрдөрүүлэннилэр. Уопсайынан, бу күрэхтэһииттэн кынат үүннэринэн, кэлин биллиилээх чөмпүйүөннэр үүнэн тахсалларыгар саарбахтаабаппыт.
Кэнэҕэскитин бу турнирга омук дойдуларын ыҥыран, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах оҥоруохпутун баҕарабыт. Күрэхтэһиини көрдөххө, оҕолор тустар маастарыстыбалара тупсубут. Урут күүс-уох, албас өттүнэн баһыйтарар эбит буоллахтарына, билигин эбиллибиттэр. Ол аата, биһиги тренердэрбит үлэлэрэ үчүгэйин көрдөрөр. Бэйэлэрин эрэ икки ардыларыгар буолбакка, атын дойду оҕолорун кытта бииргэ күрэхтэһэн, сайдалларыгар баҕарабыт. Үчүгэй көрдөрүүнү ситиһэр инниттэн атын регион, атын дойду оҕолорун кытта туста үөрэниэхтэрин наада. Оччоҕо уолаттарга, эдэрдэргэ, ыччаттарга ыытыллар күрэхтэһиилэргэ бэлэмнээх тиийиэхтэрин сөп. Ханнык даҕаны сааска туста үөрэниэхтээхтэр. Маассабас баар, тустуу кэрэхсэнэр көрүҥ. Өссө да элбэх уол уонна кыыс тустуунан дьарыктаныан наада.
This post was published on 03.04.2017 17:58 17:58