Кытай «Синогидро» компанията Россиятааҕы партнердарын кытта Дьокуускай куорат таһынан Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны тутуу барыйаанын үөрэтэр. Ити туһунан бэҕэһээ суруналыыстарга департамент салайааччытын солбуйааччы Чэн Шицзюнь эттэ.
«Өрүһү туоруур муоста хайдаҕа, ол эбэтэр массыына, тимир суоллардаах буолуохтааҕа, болдьоҕо Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна федеральнай киин быһаарыыларыттан быһаччы тутулуктаах. Муостаны тутуу регион экономикатыгар улахан суолталааҕын өйдүүбүт», — диир Чэн Шицзюнь.
«Синогидро» бу бырыайыагы олоххо киллэриигэ элбэҕи үлэлээтэ. Ити туһунан өрөспүүбүлүкэ вице-премьерэ Павел Маринычев бэлиэтээтэ. 2016 сыл олунньутугар «Росавтодору» кытта тустаах меморандумҥа илии баттаабыттар. Техническэй соругу оҥоруу үп-харчы боппуруоһуттан тутулуктанар. «Маныаха сыл аҥаара кэм наада», — диэн кини эбэн эттэ. Павел Маринычев ыйарынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи наука тэрилтэлэрэ үлэҕэ кыттыахтара. Муостаны тутуу государствоны уонна чааһынайы хардарыта дьүөрэлээһин чэрчитинэн ыытыллар.
«Тутуу барыахтаах сирин-уотун көрдүбүт-билистибит. Уопсай саба быраҕан көрдөххө, куһаҕана суох диэн сыаналыыбыт. Биһиги тутуу олохтоох тэрилтэлэрин, ол иһигэр АО «Якутцемент» көрсөн кэпсэттибит. Партнердарбытын кытта үлэ графигын дьүүллэһиэхпит », — диэтэ Чэн Шицзюнь.
Россиятааҕы «Вектор» инвестиционнай-инжиринговай компанияны кытта бырайыак көдьүүстээх буолуутун ырыппыттар.
«Сокуон быһыытынан Кытай компанията былаас уорганнырыгар ыйытык оҥорор кыаҕа суох. Онон көҥүллүүр, о.д.а докумуоннары биһиги хомуйабыт. Уһук Хоту тыйыс усулуобуйатыгар ханна да суох ураты тутуу буоларынан, бэлэмнэнии үлэтэ атын регионнардааҕар элбэх буолара күүтүллэр», — диэтэ «Вектор» дириэктэрэ Борис Шушкевич.
Китайдар Россия хааччыйааччыларын түмэ тардары толкуйдууллар. «Ити хаачыстыбаны уонна үлэ сыанатын кытта ыкса ситимнээх», —диэтэ Чэн Шицзюнь.
Россия уонна Кытай бэлиитикэҕэ, экэниэмикэҕэ үтүө сыаһыаннара бырайыак олоххо киириитигэр — сүрүн төһүү.
This post was published on 16.03.2016 09:15 09:15