Мас-рестлинг Россияҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга билиннэ. Саха национальнай спордун көрүҥэ Олимпийскай оонньуулар бырагыраамаларыгар киирсэр кыахтааҕын РФ спордун миниистирэ Павел Колобков региоҥҥа кэлэ сылдьан эттэ.
«Саха сиригэр национальнай спорт көрүҥнэрэ сайдаллар. Өрөспүүбүлүкэ таһыгар, Россияҕа, аан дойдуга биллэллэр. Мас тардыһыыта, холобур, 50-тан тахса судаарыстыбаҕа биллэр», — диэтэ Павел Колобков.
Мас-рестлиҥҥа норуоттар икки ардыларынааҕы федерацияҕа 49 дойду киирэр. Быйыл Соҕуруу Корея уонна Чили кыттыста. Сылын аайы Россия чемпионаттара, аан дойду Кубога, Европаҕа бастыыр иһин киирсиилэр ыытыллаллар. Спорт бу көрүҥүн саҕалаабыт дьон мас тардыһыыта Олимпийскай оонньуулар бырагыраамаларыгар киллэриллэригэр баҕа санааларын этэллэр.
«Мас-рестлины Олимпийскай оонньууларга киллэрэргэ суолталаах быһаарыылары, хардыылары оҥоруохпутун наада. Күрэхтэһии телевизорынан көстүөн, көрөөччү биһирэбилин ылыан наада. Манна норуоттар икки ардыларынааҕы федерация көхтөөхтүк ылсыан наада. Саха сирэ баҕа санаатын олоххо киллэрэригэр барыта баар, бу спорт көрүҥүн салгыы сайыннарыан наада. Билигин спорт көрүҥүн Олимпийскай оонньууларга киллэриигэ сыалай бырагыраамалар бааллар», — диэтэ Колобков.
This post was published on 06.12.2019 12:06 12:06