Ямало-Ненецкай автономнай уокурук Ноябрьскайыгар алтынньы 4 — 13 күннэригэр пауэрлифтинҥэ Россия Кубога буолла. Күрэхтэһиигэ Саха сирин спортсменнара үс мэтээли ыллылар — кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс, боруонса. Ол туһунан спорт министиэристибэтэ суруйда.
Россия спордун маастара Екатерина Немец киирсиитэ ордук ситиһиилэннэ. «Жим» дисциплинаҕа дьахталларга 76 кг чемпионнаата, көрдөрүүтэ 160 кг. Бу күрэхтэһиигэ кини норуоттар ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастарын нуорматын толордо. «Жим классический» дисциплинаҕа боруонсаны ылла, 105 кг көтөхтө.
Россия спордун маастара Богдан Прокопьев үрүҥ көмүс мэтээли иилиннэ, 120 кг ыйааһыҥҥа, троеборьеҕа уопсай суумата 835 кг.»Приседаниеҕа» 332,5 кг, «жимҥа» — 182,5 кг, «тягаҕа» — 320 кг.
Пауэрлифтинҥа Россия Кубога 500-тэн тахса спортсмены Россия 50 регионуттан түмтэ.