Патриарх Кирилл Саха сиригэр кэллэ

Москватааҕы патриарх Кирилл сырдатар соруктаах Саха сиригэр кэллэ. Тиксии аэропуордугар кинини Саха сирин баһылыга Егор Борисов уонна Саха сиринээҕи уонна Ленскэйдээҕи архиепископ Роман көрүстүлэр.


Патриарх тута Серафимо-Никольскай хараамҥа тиийдэ. Онно итэҕэллээхтэргэ молебен ыытта.

Нуучча православнай итэҕэлин бэрэстэбиитэлэ Саха сирин баһылыгын кытта Самойловскай арыыга баар наука станциятыгар көрүстэ.

Кирилл Сибиир уонна Уһук Илин регионнарынан сылдьар. Бу чэрчитинэн кини Алтайга, Сахалиҥҥа, Чукоткаҕа уонна Ямалга тиийиэхтээх. Кини Саха сиригэр иккис сырыыта: 2010 сыллаахха духуобунай семинария үөрүүлээх аһыллыытыгар кыттыыны ылбыта.

This post was published on 09.09.2016 15:29 15:29