Пащенкоттан ураты спортсменнар былаан быһыытынан дьарыктаналлар

Биатлоҥҥа эр дьоҥҥо Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандата Алдаҥҥа былаан быһыытынан дьарыктанарын хамаанда старшай тренерэ Юрий Каминскай иһитиннэрдэ.  


«Спортсмен туспа тутуллан, эмтэнэр. Биир да дьарыкка кыттыбат, ити биллэн турар, кини дьарыгар оҕуста.  

Атыттар былаан быһыытынан дьарыктаналлар. Биһиги атын этээскэ олоробут, туспа аһыыбыт, дьарыкка тахсар чопчу бириэмэлээхпит, хайыһардарбытын бэлэмниир кабиналарбыт эмиэ туспалар. Дьарыктан ураты мааскалаах сылдьабыт. 

Алдаҥҥа билигин хаар халыҥ. Бэҕэһээ анал тиэхиньикэ сатаан ыраастаабакка түргэн дьарыкпытын атын күҥҥэ көһөрбүппүт. Билигин хайа эниэтигэр эмискэ эргийиини, түһүүнү чочуйабыт. Аан дойду кубога буолуохтаах Словения Поклюка куоратыгар трасса уратылааҕын, спортсменнар эргииргэ ааһа көтөн хаалалларын кэпсииллэр. Оннук буолбатын туһугар күннэтэ дьарыктанабыт.

Төһө да хааччахтаныы эрэһиимэ биллэриллибитин иһин былаан быһыытынан үлэлиибит. Билиҥҥитэ харантыын хаһан бүтэрин билбэппин», — диир Юрий Каминскай.

Санатабыт, Алдаҥҥа Арассыыйа эр дьоҥҥо хайыһарга уонна биатлоҥҥа сүүмэрдэммит хамаандалара аан дойдутааҕы чемпионакка уонна аан дойду Кубогын түһүмэҕэр бэлэмнэнэллэр. Барыта 60 спортсмен сабьыылаах эрэһиимҥэ эрчиллэр. Оптуорунньукка биатлонист Петр Пащенко ковидка анаалыһа бигэргэммитин, спортсмен туруга үчүгэйин туһунан Арассыыйа биатлонистарын сойууһа иһитиннэрэн турар.

This post was published on 23.10.2020 17:01 17:01