Паромнар сырыыларын тохтотор болдьохторо билиннэ

Хаартыска: Саха сирэ саайт

СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ паромнар сырыыларын тохтотор кыраапыгын таһаарда.
  • «Дьокуускай – Аллараа Бэстээх» хайысханан паромнар сырыылара сайыҥҥы кыраапыгынан үлэлии турар. Быһа барыллаан, алтынньы 20 күнүттэн сылдьаллара былааннанар;
  • «Хачыкаат – Мохсоҕоллоох» хайысханан паромнар сырыылара алтынньы 20 күнүгэр диэри үлэлиир;
  • «Хаҥалас – Суотту», «Өлүөхүмэ – Заречнай» хайысханан сырыы тохтотулунна;
  • «Үөһээ Бүлүү – Хоро», «Ньурба – Күндээдэ» хайысханан   сырыы тохтотулунна;
  • «Сунтаар – Устье» алтынньы 19 күнүгэр диэри үлэлиир;
  • «Кириэстээх – Мииринэй» алтынньы 20 күнүгэр диэри үлэлиир.
  • Амма уонна Алдан өрүстэргэ паром сырыылара тохтотулуннулар.

«Бу ыйыллыбыт болдьохтор өрүс туругуттан көрөн уларыйыахтарын сөп. Салгыы өрүһүнэн сырыы салгын сыттыктаах суудуналарынан уонна аэроботтарынан  тэриллэр», — диэн СӨ Тырааныспарга министиэристибэтигэр бэлиэтээтилэр, суруйда Саха сирэ саайт.

This post was published on 16.10.2025 15:23 15:23