СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ паромнар сырыыларын тохтотор кыраапыгын таһаарда.
- «Дьокуускай – Аллараа Бэстээх» хайысханан паромнар сырыылара сайыҥҥы кыраапыгынан үлэлии турар. Быһа барыллаан, алтынньы 20 күнүттэн сылдьаллара былааннанар;
- «Хачыкаат – Мохсоҕоллоох» хайысханан паромнар сырыылара алтынньы 20 күнүгэр диэри үлэлиир;
- «Хаҥалас – Суотту», «Өлүөхүмэ – Заречнай» хайысханан сырыы тохтотулунна;
- «Үөһээ Бүлүү – Хоро», «Ньурба – Күндээдэ» хайысханан сырыы тохтотулунна;
- «Сунтаар – Устье» алтынньы 19 күнүгэр диэри үлэлиир;
- «Кириэстээх – Мииринэй» алтынньы 20 күнүгэр диэри үлэлиир.
- Амма уонна Алдан өрүстэргэ паром сырыылара тохтотулуннулар.
«Бу ыйыллыбыт болдьохтор өрүс туругуттан көрөн уларыйыахтарын сөп. Салгыы өрүһүнэн сырыы салгын сыттыктаах суудуналарынан уонна аэроботтарынан тэриллэр», — диэн СӨ Тырааныспарга министиэристибэтигэр бэлиэтээтилэр, суруйда Саха сирэ саайт.