Паромнар сырыылара билиннэ

Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан паромнар ыам ыйын 25 күнүттэн сылдьыахтара. Бу туһунан тырааныспар министиэристибэтин уу тырааныспарыгар департамент салайааччыта Семен Коркин «Саха» НКИХ «Тэтим» араадьыйатыгар «Былааһы кытары кэпсэтии» биэриигэ иһитиннэрдэ.


«Саха сирин үрдүнэн 16 паромунан туоратар сир баар.  Итиннэ 40 флот, 20 туоратааччы үлэлиир. Өлүөнэ өрүһүгэр сүрүн сырыы Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан оҥоһуллар. Манна сырыы ыам ыйын 25 күнүттэн олохтоноро былааннанар. Халаан уута хайдах ааһарыттан быһаччы тутулуктаах. Алдан өрүһүгэр – ыам ыйын 23, Бүлүүгэ – 26 чыыһылаҕа», — диэтэ Семен Коркин.

Кини быйыл Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхаҕа накопитель оҥоһулла сылдьарын кэпсээтэ. Дьокуускайга – 100, Аллараа Бэстээххэ – 170, ол иһигэр таһаҕас массыыналарын мунньар кыах баар буолуон эттэ. Итини таһынан Аллараа Бэстээх өттүттэн причалга тиксэр суолу билиитэнэн оҥоруохтара.

Томпо, Хаҥалас, Хаҥалас – Суотту паромунан суоллар мобильнай сыһыарыыга холбонуохтара. Сыһыарыы паром араспысааанньатын, паромҥа уочарат хамсааһынын көрдөрүө.

This post was published on 14.05.2021 17:01 17:01