Паромнар хаһааҥҥыттан сылдьыахтарай?

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Өлүөнэ мууһа  бүгүҥҥү туругунан Хаҥалас улууһунан устар. Онон сотору кэминэн суудуналар сырыылара саҕаланыаҕа.

СИА суруйарынан, Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан паром, быһа холоон, ыам ыйын 23-25 күннэригэр сылдьыаҕа. Бу туһунан СИА-ҕа «Паромы Якутии» УК дириэктэрэ Николай Ефимов иһитиннэрбит.

«Билигин бэлэмнэнии үлэлэрэ ыытыллаллар. Муус барда даҕаны, причалларбытын бэлэмнээн барыахпыт.  Быһа холоон техническэй рейс ыам ыйын 23-25 күннэригэр былааннанан турар», — диэн Николай Ефимов эттэ.

This post was published on 15.05.2024 11:01 11:01