Өлүөнэ мууһа бүгүҥҥү туругунан Хаҥалас улууһунан устар. Онон сотору кэминэн суудуналар сырыылара саҕаланыаҕа.
СИА суруйарынан, Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан паром, быһа холоон, ыам ыйын 23-25 күннэригэр сылдьыаҕа. Бу туһунан СИА-ҕа «Паромы Якутии» УК дириэктэрэ Николай Ефимов иһитиннэрбит.
«Билигин бэлэмнэнии үлэлэрэ ыытыллаллар. Муус барда даҕаны, причалларбытын бэлэмнээн барыахпыт. Быһа холоон техническэй рейс ыам ыйын 23-25 күннэригэр былааннанан турар», — диэн Николай Ефимов эттэ.