Өлүөнэ муустан сыыйа босхолонон, сабаҕалааһын быһыытынан ыам ыйын 23 күнүттэн бастакы паромнар Аллараа Бэстээх – Дьокуускай хайысхатынан сылдьыахтара.
Бу хайысханан «Дьокуускай» СХ, «АЯМ» ассоциацията, «Новэк» тэрилтэ 9 парому рейскэ таһаарыаҕа. Оттон Мохсоҕоллоох – Хачыкаат хайысхатынан 9 уонна Хаҥалас – Суотту маршрутунан «Говоров» ИП икки парома пассажирдары уонна массыыналары таһыаҕа.
СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, Аммаҕа, Чурапчыга, Үөһээ Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Сунтаарга, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Алдаҥҥа, Уус Маайаҕа ыам ыйын 20 күнүттэн, оттон Горнайга, Нерюнгрига, Бүлүүгэ, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа, Хаҥаласка, Намҥа, Мэҥэ Хаҥаласка, Дьокуускайга ыам ыйын 25 итиэннэ Кэбээйигэ уонна Томпоҕо бэс ыйын 1 күнүттэн кыра суудуналарга айан-сырыы саҕаланыаҕа.
This post was published on 20.05.2016 09:40 09:40