Паром пассажира аны 122 солкуобайы төлүө

Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан кыһыҥҥы суол сабыллан, күн бүгүн нөҥүө кытылга «Хивус» сымнаҕас сыттыктаах суудуналар пассажирдары таһаллар. Муус хамсыы илик буолан, сыаналара үрдээбэккэ турар. Бу күннэргэ СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтэ уу суолунан айан-сырыы саҥа төлөбүрдэрин бигэргэттэ.


«Чусовскай» уонна «Васильев» сынньаныахтара

Уонунан сыллар тухары эҥкилэ суох үлэлээн кэлбит «Герой Чусовской» уонна «Степан Васильев» теплоходтар, быйыл уһун болдьохтоох «уоппускаҕа» барыахтара. Дьиҥэр, былырыыҥҥы навигация кэмигэр бу устар ааллар эмиэ үлэлиэ суохтаах этилэр. Ол сүрүн биричиинэлэринэн өрүс суолунан дьону таһыы ночооттоох салааҕа кубулуйбутунан уонна Аллараа Бэстээхтээҕи маршрут ордук ороскуоттааҕа этэ. «Быйылгы навигацияҕа «Рукавишниковы» эрэ үлэлэтэр былааннаахпыт. Маны таһынан өрүс таксилара диэн ааттаммыт аҕыйах миэстэлээх дьоҕус катердар үлэлиэхтэрэ. Тарыыптарбытын оҥорон, былааннаан СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтигэр биэрбиппит. Арааһа, бу күннэргэ бигэргэтэллэрэ буолуо», – диэн   «Пассажирскай райуправление» ХЭУо үлэһитэ Светлана Вольнова иһитиннэрдэ.

Сыана тоннаһынан араастаһар

Быйылгы навигацияҕа уу суолун тарыыптара номнуо олохтонон, былырыыҥҥытааҕар кыра да буоллар, үрдээһин бэлиэтэннэ. Былырыын уонна иллэрээ сыл пассажирдарга тарыып биир тэҥинэн турбута. Икки сыл устата 113 солк. турбут эбит буоллаҕына, быйылгы навигацияҕа улахан дьон уонна 10 саастарын үөһэ саастаах оҕолор 122 солк., оттон 5 – 10 саастаах оҕолор 62 солк. төлүөхтэрэ.

Тиэхинньикэ сыанатын көрдөххө, урукку сылларга массыына мааркатынан сыана быһыллар буоллаҕына, 2015 сылтан тоннаһынан ааҕыллар. Ол курдук 1,2 тоннаҕа диэри ыйааһыннаах массыына 205 солк., 2,5 тонналаах – 855 солк., 4 тонналаах – 1365 солк., пассажирдары таһар оптуобустар, ол иһигэр 25 миэстэлээх – 1535 солк., 25 миэстэттэн үөһэ – 2390 солк., Икарус кылаастаах – 2730 солк., матасыыкыл, мотороллер бары көрүҥэ – 170 солк. быһыллыбыт.

«Дьокуускай» СХ 4 парома үлэлиэ

Ыам ыйын бүтүүтэ, ол эбэтэр Өлүөнэ муустан ыраастаннаҕына уонна суудуналар тиксиһэр сирдэрэ оҥоһулуннаҕына, «Дьокуускай» судоходнай хампаанньа 4 парома итиэннэ чааһынай суудуналар   Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан массыыналары туоратыахтара.

Навигацияҕа 769 суудуна тахсыа

Быйылгы навигацияҕа өрөспүүбүлүкэ наадыйыытыгар 3 мөл. т таһаҕас итиэннэ «Газпром» ПАУо хайысхатынан 800 тыһ. т таһаҕас араас көрүҥэ тиэллэрэ былааннанар. СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Семен Винокуров иһитиннэрбитинэн, 769 суудуна навигацияҕа үлэлиэхтээх.

Маны таһынан сылдьарга эрэйдээх, киин сиртэн ыраах олорооччуларга социальнай суолталаах субсидиялар оҥоһуллуохтара. Бу сыалга анаан быйыл бүддьүөттэн 84,6 мөл. солк. көрүллүөхтээх. Мантан 37 мөл. солк. дьону тиэйиигэ-таһыыга уонна 47,6 мөл. солк. пассажирдары таһар суудуналары атыылаһыыга. Ааспыт сылга уу суолун тырааныспарынан 291 тыһыынча пассажир туһаммыт.

Эбэн эттэххэ…

Өскөтүн судоходнай тэрилтэ олохтоммут тарыыптан элбэх харчыны көрдүүр түгэнигэр, төлөбүр квитанциятын ылан баран, тутатына СӨ Сыана политикатын судаарыстыбаннай кэмитиэтигэр (4112) 34-34-37 төлөпүөнүнэн эрийэн биллэриҥ. Биитэр кэмитиэт электроннай почтатыгар суруйуҥ: rek@sakha.gov.ru

This post was published on 26.04.2016 12:49 12:49