Парламент: Уһук Илиҥҥэ гектар сири биэриигэ референдуму ыытыы сокуоннайа суох

Уһук Илиҥҥэ гектар сири биэрэр сокуон барылын өрөспүүбүлүкэ референдумугар таһаарар туһунан көҕүлээһини Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэспэт диэн быһаарда. Ити туһугар парламент Сэбиэтин чилиэннэрин баһыйар үгүстэрэ куоластаата.


Референдуму ыытары көҕүлээбит бөлөх дьүүллэһиигэ «Уһук Илиҥҥэ гектар сири биэрии Конституция 9-с ыстатыйатынан мэктиэлэнэр быраапкын кэһэр дуо?» уонна «Уһук Илиҥҥэ гектар сири биэрии сокуонун өйүүгүт дуо?» диэн икки ыйытыгы көтөхтө.

Бу икки боппуруоһу көрөн баран парламент судаарыстыбаннай тутууга, сокуону оҥорууга сис кэмитиэтэ балар өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай сокуоннарга сөп түбэспэттэрин туһунан парламент Сэбиэтигэр тиэртэ. Маныаха төрүөт биир. Бастатан туран, «РФ-ҕа гражданнар референдумҥа кыттар уонна быыбардыыр бырааптарын сүрүн мэктиэлэрин туһунан» федеральнай сокуон 12-с ыстатыйатын, 7-с чааһын ирдэбилигэр референдуму ыытарга туруоруллубут ыйытык сөп түбэспэт. Бу ирдэбил быһыытынан дьон-сэргэ куоластааһыныгар туруоруллар ыйытык араастаан токурутан быһаарыыны үөскэтиэ суохтаах. Иккиһинэн эмиэ 12-с ыстатыйаҕа ыйылларынан уонна Саха сирин «Өрөспүүбүлүкэтээҕи референдум туһунан» сокуоҥҥа этиллэринэн, норуот куоластааһыныгар Саха сирэ бэйэтэ эбэтэр Россияны кытта хардарыта бас билэр РФ Конституциятынан уонна федеральнай сокуоннарынан сүрүннэммэтэх боппуруостара киирэллэр. Оттон Уһук Илиҥҥэ гектар сири биэрии тустаах сокуонунан ыытылларын туһунан норуот дьокутааттара эттилэр.

Федеральнай сокуон ылыллыан иннинэ өрөспүүбүлүкэҕэ бу тула референдуму ыытар туһунан көҕүлүүр бөлөх хадаатайыстыба киллэрбитэ эрээри, быыбар киин хамыыһыйата маны регистрациялаабатаҕа. Ити дьаһал федеральнай уонна Саха сирин сокуоннарыгар сөп түбэспэтэ сүрүн төрүөт буолбута. Өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү суута Быыбар киин хамыыһыйатын быһаарыытын сокуоннайа суоҕунан аахпыта уонна хадаатайыстыбаны парламент Сэбиэтигэр киллэрэргэ сүбэлээбитэ.

Парламент Сэбиэтэ быһаарыы бырайыагын ахсын куоластаабыта. Иккиэннэригэр итини дьокутааттар үгүстэрэ өйөөбүттэрэ. РФКП эрэ утарбыта.

«Биһиги фракциябыт ылыллыбыт уураах иһин куоластаабат. Ырытыыһыы үөһүгэр турбут боппуруостар сокуон ирдэбилигэр сөп түбэспэттэр, ол эрээри Конституция 72-с ыстатыйатынан сир уонна баайдаах сир норуот киэнэ буолаллар. Норуот бэйэтин санаатын этэрин ким да боппот», — диир хомуньуустар баһылыктара Виктор Губарев. Кини этэринэн, бүгүҥҥү туругунан референдуму салайар федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоннарга элбэх уларыйыылар, көннөрүүлэр киирбиттэр. «Онон референдуму ыытар кыаллыбат буолан турар”, — диир кини.

Көҕүлүүр бөлөххө чилиэннэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ реферндуму ыытар сатамматын курдук этиини сөбө суоҕунан ааҕаллар. Быыбар киин хамыыһыйата хадаатайыстыбаны тута регистрациялаабыта буоллар, референдум ыытыллыан сөп этэ.

Бөлөх бэрэстэбиитэлэ Феликс Антонов этэринэн, кинилэр санаалара иһиллэрин туһугар өссө да туруулаһыахтара. Сотору кэминэн Уһук Илиҥҥэ гектар сири биэриини сүрүннүүр сокуон өрөспүүбүлүкэҕэ дьайыытыгар мораторийы биллэрэр соруктаахтар.

Баайга-дуолга, сир сыһыаннаһыыларыгар миниистир Евгения Григорьева Россия сокуона баҕалаахтарга сири, ол иһигэр Саха сиригэр биэрэри урут да боппотоҕун чиҥэтэн этэр. Уһук Илиҥҥэ сири биэрии итини судургутуппутун, чэпчэппитин  бэлиэтиир. Сокуон үтүө өрүттэрин, ол иһигэр ити сокуон түмүгэр ойуур фондата туһаныллар буолбутун кини эттэ.

Мунньах түмүгэр спикер Александр Жирков Уһук Илиҥҥэ гектар сири биэриигэ хардарыта дьайсыылаахтык үлэлииргэ уонна сири резервэлииргэ сэрэхтээхтик сыһыаннаһарга ыҥырда. Сокуон дьайбат сирдэрин атын регион дьоно эрэ буолбакка, Саха сирин олохтоохторо эмиэ ылар кыахтара суоҕун кини эттэ. «Биһиги толкуйдаабыт сокуоммут буолбатах, онон ол ылыллыбыт буоллаҕына, биһиги уһун процесска кыттыһабыт. Манна утарыты турсуу буолбакка, хардыта дьайсыылах үлэ наада. Оччотугар эрэ биһиги өрөспүүбүлүкэ интэриэһин туруорсуохпутун, туруулаһыахпытын сөп», — диэтэ кини.

This post was published on 27.07.2016 11:20 11:20