Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев РФ бырабыыталыстыбата Госдуумаҕа отчуотун толору ис хоһоонноҕун, бары хайысханы хабарын эттэ. Ол туһунан парламент пресс-сулууспата суруйда.
РФ президенэ Владимир Путин салайыытынан бырабыыталыстыба судаарыстыбаннай салайыы саҥа технологичнай уонна эффективнай систиэмэтин оҥорбутун бэрэссэдээтэл Михаил Мишустин бэлиэтээтэ.
«Михаил Владимирович дакылаатыгар дойду экономикатын буола турар балаһыанньаҕа түргэнник адаптациялаан, сайдыыга сүрүннээһин туһунан кэпсээтэ. Социальнай эйгэни уонна экономиканы өйүүр миэрэлэр чуолкай систиэмэлэрэ оҥоһулунна, сүрүнэ дьоҥҥо, үлэһит дьоҥҥо ананар. Промышленнай оҥорон таһаарыы, ордук чуолаан массыына оҥоруутун үрдээһинэ 21% буолбутун бэлиэтиир тоҕоостоох», — диэтэ Алексей Еремеев.
This post was published on 05.04.2024 10:01 10:01