Үп министиэристибэтэ чэпчэтиилээх ипотеканы 2021 сыл бүтүөр диэри уһатарга этии киллэрдэ

Россия үпкэ министиэристибэтэ бырабыыталыстыба уурааҕын бырайыагын бэлэмнээтэ. Докумуоҥҥа олоҕуран, саҥа дьиэҕэ кыбартыыра ылыыга 6,5%-ҥа диэри ставкалаах чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматын 2020 сыл сэтинньи  1 күнүттэн 2021 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри уһатарга этиллэр.


«Уураах бырайыага <…> Российскай Федерация гражданнарыгар 6,5 %-наах чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматын тарҕатар туһуттан бэлэмнэннэ, 2021 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри», — уураах бырайыагын быһаарыы суругар этиллэр.

Кредит сууматын, бааннар бу бырагырааманан биэриилэригэр, докумуоҥҥа олоҕуран, 900 млрд солк-тан 2,8 трлн солк диэри улаатыннарарга, суруйар ТАСС.

This post was published on 13.10.2020 14:01 14:01