Саха сирин үпкэ миниистирэ Валерий Жондоров Якутия24 телеханаалга интервьютугар өрөспүүбүлүкэ бюджетын, министиэристибэ үлэтин, ол иһигэр уопсастыбаннай көҕүлээһин бырайыагын туһунан кэпсээтэ. СИА суруйар.
«Көҕүлээһин бюджета — манна нэһилиэнньэ бэйэтин сиригэр-уотугар оҥоһуллар бырайыагын бэйэтэ талар. Харчынан, үлэнэн кыттыһаллар, бизнесменнар, олохтоох предпринимателлэр өйүүллэр. Онон олохтоох суолталаах боппуруос быһаарыллар. Судаарыстыбаннай бюджеттан субсидия көрүллэр. Сылын аайы бу суума уопсайа 500 мөл солк«, — диэтэ миниистир Валерий Жондоров интервьюга.
Чурапчы улууһун «Экоквантум» дьыссаатын бырайыага улууска «Уопсастыбаннай бииргэ үлэлээһин» номинацияҕа бастаабыта. Бу бүтүн Россиятааҕы куонкурус чэрчитинэн ыытыллбыта.
«Экоквантум» — бу былаһааккаҕа оонньуурга аналлаах уонна компьютернай оборудование туруоруллубута. Оскуола иннинээҕи саасстаах оҕолор манна физика, геоография уонна да атын хайысхаларынан дьарыктаналлар, билиини ылаллар. Бу куонкуруска харчынан бириис эбии көрүллэр, суумата 100 тыһ. солк.
«Мин санаабар, бу олус кэскиллээх бырайыак. Бырайыагы көҕүлээбит бөлөх туһугар үөрэбин, кинилэр 400 үлэттэн бастаан, өйөбүлү ыллылар«, — диэтэ кини.
This post was published on 07.12.2020 10:01 10:01