Оттук сезонугар бэлэми “Светофор” ситим хонтуруоллуур

Хаартыска: Саха парламент саайт

СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников иһитиннэрбитинэн, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ ОДьКХ, энэргиэтикэ тэрилтэлэрэ, олорор дьиэ пуондата уонна социальнай эбийиэктэр оттук сезонугар хайдах бэлэмнээхтэрин көрдөххө: хочуолунайдар 46% (1157-тэн 529), ититэр ситимнэр 49% (2037-тэн 4163), уу ситимнэрэ 46 % (1763 км-тан 816) бэлэмнэр. Ордук сүрүн болҕомто уустук суоллаах-иистээх улуустарга ууруллар — былааннаммыт уматык-оттук ресурсалара 20 % (505 858 туоннаттан 105 668 т) тиэрдилиннэ.

Быйылгыттан сезоҥҥа бэлэмнэниини сыаналааһын саҥа “Светофор” диэн ситиминэн оҥоһуллар. Билигин бэлэмнэнии былаанын уонна итиинэн хааччыйыы схематын оҥорон официальнай биллэриигэ таһаарыы сүрүн соругунан буолар. Ол курдук, 45 муниципалитеттан 27 эрэ   улуус ититии схематын, 28 эрэ оттук сезонугар бэлэмнэнии былаанын туруорбуттар.

—       Сорох муниципальнай тэрээһиннэр былааннаммыт болдьохтон хаалан иһэллэр. Билигин ыйыллыбыт итэҕэстэр, сыыһалар бу нэдиэлэ түмүктэниэр диэри туоратыллыахтарын наада. Докумуоннар бэлэмнэммиттэрин кэннэ Ростехнадзор кытаанах бэрэбиэркэтин ааһыахтаахтар, ол эрэ кэннэ олохтоох салайыныы уорганнара бүтэһиктээх сөбүлэһиини ылыахтара, — диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы сорук туруорда.

This post was published on 17.07.2025 16:09 16:09