Оттук маһы бэлэмнээһиҥҥэ туох ирдэнэрий?

Үгүс нэһилиэнньэлээх пууннарга гааһынан уонна электро-уотунан сылытыныы киирдэ. Ити эрээри билигин даҕаны маһынан оттунар ыал элбэх. Кыстыкка саһааны бэлэмнээһин улахан эппиэттээх үлэ буолар.


Дьыл ханнык кэмигэр саһааны кэрдэри, хайдах маһы талары итиэннэ онно туох докумуоннар ирдэнэллэрин үгүс киһи билбэт. Саха сиригэр мас кэрдэр дэлээнэлэр дэриэбинэлэртэн ыраахтар итиэннэ суоллара-иистэрэ бэрт мөлтөх. Ити иһин, биһиэхэ дьон оттук маһы улахан тымныы түһэ илик уонна сыарҕа суола аһыллыбыт кэмигэр, кыһын саҕаланыытыгар кэрдэр үгэстээхтэр. Чуолаан бу кэмҥэ үүнэн турар мастар тоҥоннор, истэринэҕи сүмэһиннэрин хамсааһына бытааран, кэрдэргэ табыгастаах буолаллар. Маһы сокуон этэринэн кэрдии Ойуур хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ чааһынай дьиэлээх ыал кыһыны туорууругар төһө маһы отторун ырытаннар, биир киһиэхэ сылга 30 кубометр мас сөп буоларын быһааран тураллар. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ төгүрүк сыл устатыгар 700 тыһыынча кубометр мас ойуур пуондатыттан оттукка анаан кэрдэргэ көҥүллэнэр. Тустаах хаһаайыстыбаҕа, дьиэҕэ төһө оттук мас наадатын быһаарбыт кэнниттэн, саһааны бэйэ кэрдинэригэр ойуур маһын бэйэ туттарыгар анаан атыылааһын-атыылаһыы дуогабарын түһэрсэр ирдэнэр. Онуоха тустаах улуус лесничествотыгар сайабылыанньа түһэриллэр.

Сайыбылыанньаҕа саһааны туохха анаан кэрдэртэн тутулуктанан, маннык докумуоннар сыһыарыллаллар: 1. Олорор дьиэҕэ-уокка саһаан кэрдэргэ сайабылыанньаҕа дьиэни бас билии тиэхиньиичэскэй пааспарын куоппуйата биитэр бу дьиэҕэ хайдах оһох баарын туоһулуур олохтоох дьаһалта хаһаайыстыбаннай учуот кинигэтинэн биэрбит ыспыраапката сыһыарыллар. 2. Даача дьиэтигэр саһаан кэрдэргэ сир учаастагар бас билии докумуонун итиэннэ сир учаастагар кадаастыр пааспарын куоппуйалара ирдэнэр. 3. Бултуур үүтээҥҥэ анаан саһаан кэрдэргэ булчут билиэтин уонна үүтээни туһаныы дуогабарын куоппуйалара наада. Дуогабар төлөбүрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата олохтообут ставкатынан быһаарыллар.

Нэһилиэктэргэ бэтэрээннэргэ оттук маһы ыччаттар субуотунньугунан бэлэмниир үтүө үгэстээхтэр. Мас уопсай сыаната ханнык улууһуттан, мас көрүҥүттэн уонна төһө ыраах сиртэн кэрдэн тиэйэртэн тутулуктанар. Холобур, биир кубометр мас иһин төлөбүр: киин улуустарга (Амма, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Хаҥалас улуустарыгар уонна «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурукка) 21 солкуобайтан (10 килэмиэтирдээх сиртэн уонна онтон ыраахтан тиэйэргэ) 77 солкуобайга диэри (10 килэмиэтиртэн чугас сиртэн тиэйэргэ), ойуур бырамыысыланнаһын улуустарыгар (Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Уус Маайаҕа, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ) 23 солкуобайтан 85 солкуобайга диэри халбаҥныыр. Оттук маһы дуогабара, ол эбэтэр көҥүлэ суох кэрдибит киһи, хаһаайыстыба ыстарааптанар.

Ааптар: Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

This post was published on 12.11.2019 15:23 15:23