От ыйын 16 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ ходуһаларыгар 19715 гектар иэннээх сир охсулунна, 9576 туонна от кэбиһилиннэ. Былырыын баччаҕа, от ыйын 17 күнүгэр, 9938 гектар охсуулаах, 3051,4 кэбиһиилээх этибит. Онон, тэҥнии туттахха, быйыл от үлэтэ тэтимнээхтик саҕаланна: охсуу икки бүк (198%), кэбиһии үс төгүл (314%) ордук. Ол гынан баран, кыраапыктан хаалыы улахан. Бу күҥҥэ 24309,8 туонна от бэлэмнэниллибит буолуохтааҕыттан 39 бырыһыана чөкөтүлүннэ, ол эбэтэр сыллааҕы былаантан 1,9 эрэ бырыһыана туолла.
Улуустарынан, куораттааҕы уокуруктарынан тэҥнээн көрдөххө, былааннаах отун чиэппэрин кэриҥин (24%) толорбут “Жатай” КУо (27,5 т оттоох) инники иһэр. Дьокуускай куорат 617, Уус Маайа улууһа 150, Хаҥалас улууһа 1604, Амма улууһа 1729 туонналыы оту кэбиһэн, 5 бырыһыаннаах кирбиини ыллылар. Ити ааттаммыт муниципальнай тэриллиилэр кыраапыгы тутуһан эбэтэр аһаран иһэллэр. Улахан былааннаах улуустартан Нам үс, Мэҥэ Хаҥалас, Кэбээйи, Таатта уонна Уус Алдан 2-лии, Чурапчы, Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү биирдии бырыһыаннарын кээрэттилэр.
Былырыыҥҥы туһааннаах кэм көрдөрүүтүттэн Амма 1544, Үөһээ Бүлүү 638, Хаҥалас 529, Уус Алдан 409, Өлүөхүмэ 383, Дьокуускай 320, Кэбээйи 282, Нам 223, Таатта 199, Чурапчы 198 бырыһыанныынан элбэх оттоннулар. Ол эрээри, уоскуйарга эрдэ, былаан туолара – ыраах. Отонноотоххо оҥоойук туоларын курдук, оттоотоххо кыбыы даҕаны туолуо.
Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru
This post was published on 17.07.2018 14:55 14:55