Оттооһун былаана 97% туолла

Саха сиригэр бүгүҥҥү туругунан 444 тыһыынча туонна кэриҥэ от оттонно. Ити ылыныллыбыт былаан  97%-на буолар. Ол да буоллар, кэккэ улуустарга оттооһун салҕанар.

Ил Дархан сорудаҕынан, улуустарга мобильнай биригээдэлэри тэрийэн, ыраах сытар сирдэргэ баран оттуулларыгар анаан үп көрүллүбүтэ. Онон мобильнай биригээдэлэр барыта  22 518 туонна оту оттоотулар.

Ону тэҥэ, өрөспүүбүлүкэҕэ үүнээйини хомуйуу үлэтэ салҕанар. Туораахтаах үүнээйини 1552 гектаартан хомуйдулар. Туораахтаах бурдугу хомуйуу бу күҥҥэ 1339 туоннаҕа, хортуосканы — 11 835 туоннаҕа тэҥнэстэ. Оҕуруот аһын аһаҕас буолаттан 2897 туоннаны хомуйдулар. Ол иһигэр: хаппыыстаны — 1793 туоннаны, моркуобу — 327 туоннаны, сүбүөкүлэни — 304 туоннаны, онтон да атын оҕуруот аһын — 473 туоннаны хомуйдулар. Онтон тэпилииссэлэртэн 3125 туонна оҕуруот аһа хомулунна.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

This post was published on 11.09.2023 17:16 17:16