От ыйын 9 күнэ. Ыраахтааҕы Петр III, Репнин салайааччылаах нуучча аармыйатын, Былатыан Ойуунускай олохтоох Сэбиэттэрин, кырсаһыт Семен Горохов тустарынан бүгүҥҥү Биики халандаарга суруллар.
🇦🇿 Азербайдьан — Дипломатия үлэһиттэрин күнэ.
🇦🇷 Аргентина — Тутулуга суох буолуу күнэ.
🇰🇿 Казахстан — Уу хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнэ.
🇵🇦 Панаама — Толук буолбут дьон күнэ.
🇸🇸 Соҕуруу Судан — Тутулуга суох буолуу күнэ.
Түбэлтэлэр:
🔹1762 — Сыл аҥаара Арассыыйаны салайбыт ыраахтааҕы Петр III (Петр I кыыһын уола, аҕата ньиэмэс) кистэлэҥ киксии оҥорон былаастан туораппыттар, кини оннугар ойоҕо Екатерина II (кэргэн тахсыан иннинэ Пруссия куоратын принцессата этэ) бүрүстүөлгэ олорбут. Биир уоллаахтар этэ (кэлин ийэтэ өлбүтүн кэннэ Павел I диэн ыраахтааҕы буолбута). Петр III биир нэдиэлэ буолан баран өлөн хаалбыт, хайдах өлбүтэ чопчу биллибэт, дьоҥҥо геморройтан сылтаан сүрэҕэ тохтообут диэн быһаарбыттар.
🔹1791 — Мачиннааҕы кыргыһыы — Репнин салайааччылаах нуучча аармыйата туроктары Мачин (Мэчин, Macin, Румыния) диэн куорат таһыгар үлтүрүрүппүт. Бу кыргыһыы Яссатааҕы эйэлэһиини түргэтэппитэ.
🔹1816 — Аргентина Испанияттан тутулуга суоҕун биллэрбит күнэ.
🔹1918 — Киин Сибиир бэрэстэбиитэлэ, Сэбиэскэй былааһы олохтооһун инструктора Былатыан Ойуунускай Саха сирин үлэлээн иитиллээччилэригэр туһаайан олохтоох сэбиэттэри тэрийэргэ ыҥырбыт.
🔹1944 — Аан дойду иккис сэриитэ бүтүүтүн саҕана Тали-Ихантала кыргыһыытыгар Сэбиэскэй Сойуус кимэн киириитин Финляндия тохтоппут. Онон сэрии кэнниттэн Финляндия тутулуга суох капиталистическэй дойдунан хаалбыт.
🔹1985 — Кырсаһыт Семен Горохов (14.09.1930 төр.) Социалистыы Үлэ Дьоруойа буолбут.
🔹1993 — Канаадаҕа Хотугулуу-Арҕаа Территориялартан Нунавут диэн инуиттар (эскимостар) олорор сирдэрэ туспа территория буолан араарыллыбыт. Бу Арктикаҕа сытар олус киэҥ уонна кыра нэһилиэнньэлээх сир (2012 сыллаахха — 33 тыһ. киһи).
🔹2002 — Африка Холбоhуга тэриллибит. Бу холбоһукка 1 миллиард кэриҥэ нэһилиэнньэлээх Африка дойдулара бары киирэллэр. Штаб-кыбартыырата Эфиопия киин куоратыгар Аддис-Абебаҕа баар.
Төрөөбүттэр:
🔸1930 — П. В. Григорьев төрөөбүт, САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ (1989 өлбүт).
🔸1932 — Николай Берестов — композитор, Дьокуускайдааҕы музыка училищетын учуутала.
🔸1959 — Леонид Владимиров — РФ уонна СӨ билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, РАЕН академига, биология билимин дуоктара, профессор, Ил Түмэн дьокутаата.
Өлбүттэр:
🔹2010 — Василий Роббек — Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукатын Академиятын академика, тыл үөрэҕин билимнэрин доктора, Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын Институтун төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, 1992 сылтан 2008 сыллаахха диэри салайбыта.
https://sah.wikipedia.org/wiki/От_ыйын_9
https://sah.wikipedia.org/wiki/Горохов_Семен_Васильевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Берестов_Николай_Савельевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Владимиров_Леонид_Николаевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Роббек_Василий_Афанасьевич
This post was published on 09.07.2020 09:01 09:01