От ыйын 6 күнэ. Калашников автоматы оҥорон таһаарыы саҕаламмыт - Бикипиэдьийэ

1785 сыллаахха АХШ валютатынан дуоллар биллэриллибит. 

1885 сыллаахха Франция учуонайа Луи Пастер ииригирии (бешенство) утары быһыыны бастакытын ситиһиилээхтик киһиэхэ туһаммыт. 

1947 сыллаахха Калашников автоматы АК-47 оҥорон таһаарыы саҕаламмыт.

Бу күн Арассыыйа ыраахтааҕыта Николай I, Мексика уруһуйдьута Фрида Кало, көҥүл тустууга, хапсаҕайга спорт маастара, Украина, Саха сирин чөмпүйүөнэ Валерий Семенов төрөөбүттэр.

Бэлиэ күннэр:

  • Аан дойдуга Уурааһыы күнэ. Улуу Британияҕа бастаан бэлиэтэнэр эбит. Сүүрбэччэ сыллааҕыта ХНТ өйөөн аан дойдуга барытыгар бэлиэтэнэр буолбут.
  • ХНТ — Зооноз ыарыылар аан дойдутааҕы күннэрэ (ааҥл. World Zoonoses Day). Зоонозтар диэн кыылтан-сүөлтэн киһи сыстар ыарыылара. Сорох ыарыылар зооноз курдук саҕаланаллар, кэлин киһи ыарыыта буолаллар (холобур, ВИЧ), сорохтор субу-субу көбөн тахсар эпидемия төрүтэ буолаллар (Эбола), сорохтор олоххо-дьаһахха куруук көстөллөр (сальмонеллез).
  • Дания — Фредерисия аттынааҕы кыргыһыы (1849);
  • Казахстан — Киин куорат күнэ (Нур-Султан);
  • Каймаан арыылара — Конституция күнэ
  • Комордар — Тутулуга суох буолуу күнэ (Францияттан 1975 с.)
  • Литва — Миндовг хоруоналаммыт күнэ (Судаарыстыба күнэ) (1253 год);
  • Малави — Тутулуга суох буолуу күнэ (Британияттан, 1964);
  • Перу — Учуутал күнэ
  • Финляндия — Эйно Лейно күнэ (Сайын уонна Хоһоон күнэ) (1878);
  • Чехия — Ян Гус күнэ (1415);
  • Испания — Сан-Фермин бэстибээлэ саҕаланар (от ыйын 14 диэри).

Түбэлтэлэр:

  • 1415 — чиэх протестаннарын салайааччыта Ян Гус уматыллыбыт.
  • 1535 — таҥнарыыга күтүрэнэн Англия гуманиһа, лорд-канцлера Томас Мор өлөрүллүбүт, кэлин католик таҥаратын дьиэтэ кинини сибэтиэйдэр ахсааннарыгар киллэрбитэ.
  • 1658 — Алексей Михайлович ыраахтааҕы чаҕардара патриарх Никон ыыппыт киһитин кырбаабыттар, ыраахтааҕы уонна патриарх атырдьах салаатыныы арахсыбыттар. Никон патриарх Нуучча православнай сыаркабын туомнарын уларыппыта, онтон сылтаан билигин да оһо илик «Раскол» (хайдыһыы) үөскээбитэ. Бу түбэлтэ кэнниттэн Никон «патриарх буолан бүтэбин» диэн ааттаан бэйэтэ туттарбыт манастыырыгар көһөн хаалбыт. Ол эрээри, саҥа патриарх аҕыс сыл буолан баран биирдэ, 1666 сыллаахха талыллыбыта. Дьиҥэр, ыраахтааҕы уонна патриарх арахсыыларын төрүөтэ былааһы былдьаһыы этэ.
  • 1661 — Иркутскай куората олохтоммут.
  • 1785 — АХШ валютатынан дуоллар биллэриллибит. Бу иннинэ Америкаҕа үксүн Испания песотын туһана сылдьыбыттар.
  • 1885 — Франция учуонайа Луи Пастер ииригирии (бешенство) утары быһыыны бастакытын ситиһиилээхтик киһиэхэ туһаммыт. 9 саастаах Жозеф Мейстер диэн уол ыалдьыбыт ыт ытырбытын кэннэ быыһаммыт.
  • 1918 — Бүлүү куоратыгар Жирков С. Н. бэрэстээтэллээх оробуочайдар дьокутааттарын Сэбиэтэ тэриллибитэ. Сэбиэт аҕыс киһилээх кыһыл гвардияны тэриммитэ.
  • 1947 — Калашников автоматы AK-47 оҥорон таһаарыы саҕаламмыт.
  • 1982 — суруйааччы Амма Аччыгыйа, архитектордар Иннокентий Слепцов уонна Георгий Гермогенов Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни ылбыттар.

Төрөөбүттэр:

Өлбүттэр:

This post was published on 06.07.2021 09:01 09:01