Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, 1912 сыл муус устар 14 күнүгэр киэһэ 11:40 чааска «Титаник» Атлантическай океаҥҥа айсберка сааллар. Бу дьыаланан 1916 сыллаахха от ыйын 3 күнүгэр суут буолар. Үрдүк сололоохтор тугу быһаарбыттарай? Бүгүн Арассыыйаҕа ГАИ (ГИБДД) күнэ. 1929 сыллаахха бу күн Саха АССР Совнаркома Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ балыыһатын тутарга диэн быһаарыы ылбыт.
Бу күн Алтаайга уонна Хакасияҕа Өрөспүүбүлүкэ күнэ.
🔹987 — Гуго Капет Франция ыраахтааҕыта буолбут. Кини олохтообут Капетинг династията уонна ити династия алын салаалара — Валуа уонна Бурбон — Францияны 1848 сыллаахха диэри баһылаабыттара.
🔹1648 — Орто Халыма остуруогуттан Федот Попов уонна Семён Дежнёв салалталаах сэттэ коч (баарыстаах аал) байҕалга тахсыбыттар. Кинилэр эспэдииссийэлэрин түмүгэр Азия уонна Америка икки ардыларынааҕы Беринг силбэһиитэ арыллыбыта.
🔹1830 — Саха бастакы түмэнинэн (парламенынан) биллэр Истиэп Дуумата бэйэтин бастакы бөдөҥ тэрээһинин — «Сэттэ улуус мунньаҕын» тэрийбит. Бу мунньахха Санкт-Петербурга Николай I императоры кытта көрсүһүүгэ саха дьокутааттарын ыытыы, Саха сирин кыһалҕаларын туоруорсуу боппуруоһа көрүллүбүт. Санаттахха, бу кэмҥэ декабристар өрө туруулара буолбутуттан 5 сыл ааспыта, А.С.Пушкин айар үлэтин үгэнигэр сылдьара, Саха сирин сайдыытыгар инники көрүүлэрдээх Николай Мягков салайара, оттон Афанасий Убаарыскай С-Петербурга баран сахалыы «Ахтыыларын» суруйуо өссө да 10 сыл баара.
🔹1886 — Ньиэмэс инженерэ Карл Бенц бастакы ис умайыылаах хамсатааччылаах (ДВС) массыынаны сүүрдүбүт.
🔹1916 — «Титаник» лайнер саахалынан суут буолбута.
🔹1929 — Саха АССР Совнаркома Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ балыыһатын тутарга диэн быһаарыы ылбыт.
🔹1944 — Минскэй өстөөх халабырдьыттарыттан босхоломмута.
🔹1964 — АХШ-ка гражданнар бырааптарын омугунан араартааһыны бобор туһунан сокуон ылыллыбыт.
🔹1991 — РСФСР Үрдүкү Сэбиэтэ Адыгея, Карачай-Черкесия, Алтай уонна Хакасия автономнай уобаластарын өрөспүүбүлүкэ оҥортообут.
🔹1996 — Борис Ельцин РФ бэрэсидьиэнинэн иккиһин талыллыбыт. 1999 сыл ахсынньытыгар бэйэтин баҕатынан солотуттан батыммыта.
Төрөөбүттэр:
🔸1919 — Михаил Шкулев-Налимскай (19.06.2007 өлб.) — тойуксут, олоҥхоһут, Абый улууһун устуоруйатын, уран тылын баайын хомуйааччы, чинчийээччи, толорооччу.
🔸1922 — Петр Докторов — экономика билимин хандьыдаата, култуура үтүөлээх үлэһитэ.
🔸1944 — Эдуард Соколов (Тулусхан) (05.08.1996 өлб.), суруйааччы, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Сунтаар улууһун ытык киһитэ.
🔸1946 — Анатолий Старостин (Сиэн Кынат), бэйиэт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Өлбүттэр:
🔹2004 — Андриян Николаев (1929 төр.), үһүс нүөмэрдээх сэбиэскэй космонавт, Сэбиэскэй Сойуус икки төгүллээх дьоруойа, омугунан чувааш. Космонавтартан бастакынан хараабыл иһигэр «көппүтэ» (кини иннинэ Гагариннаах Титов кириэһилэлэригэр хам баайыллан олорбуттара).
https://sah.wikipedia.org/wiki/Титаник
https://sah.wikipedia.org/wiki/Уваровскай_Афанасий_Яковлевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/От_ыйын_3
https://sah.wikipedia.org/wiki/Ельцин_Борис_Николаевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Шкулев_Михаил_Петрович_(Налимскай)
https://sah.wikipedia.org/wiki/Саха_сиригэр_олохтоох_салайыныы_үөскээһинэ,_сайдыыта
https://sah.wikipedia.org/wiki/Докторов_Петр_Иванович
https://sah.wikipedia.org/wiki/Соколов_Эдуард_Дмитриевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Сиэн_Кынат
This post was published on 03.07.2020 09:01 09:01