Бу күн 1836 сыллаахха Наполеон кыайыыларыгар уруйданан тутуллубут Триумф аркатын үөрүүлээх аһыллыыта буолбут. Арканы 1806 сыллаахха Наполеон кыайыыларын уруйдаан тутан саҕалаабыттар эрээри, 20 сылынан биирдэ бүтэрбиттэр. Үйэлээх тутуу 49,51 м үрдүктээх, 44,82 м кэтиттээх, иэҕиитин үрүтэ — 29,19 м. Арка киэргэтиитэ Наполеон кыргыһыытын толору ойуулуур араас оҥоһуктардаах. Бу туһунан Бикипиэдьийэ санатар.
От ыйын 29 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 210-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 211-c күнэ). Сыл бүтүө 155 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Баабыр аан дойдутааҕы күнэ (ааҥл. International Tiger Day) — баабыры харыстыырга болҕомто тардар күн. 2010 сыллаахха Петербурга буолбут «Тигриный саммит» диэн ааттаммыт аан дойдутааҕы таһымнаах мунньахха олохтоммута.
- Молдавия — Конституция күнэ.
- Румыния — Өрөгөй ырыатын күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 1836— Парижка Триумф аркатын үөрүүлээхтик аспыттар. Бу арканы 1806 сыллаахха Наполеон кыайыыларын уруйдаан тутан саҕалаабыттар эрээри, 20 сылынан биирдэ бүтэрбиттэр.
- 1942— Суворов уордьана олохтоммут. Сэрии кэмигэр сатабылларын көрдөрбүт генералларга уонна эписиэрдэргэ биэрэллэрэ.
- 1958— Сэбиэскэй Сойуус Сир бастакы спутнигын орбитаҕа таһаарбытын кэннэ эһиилигэр АХШ-га Национальнай Аэронавтикаҕа уонна Космоска Администрация (НАСА) тэриллибит.
- 1978— суруйааччы Сэмэн Данилов бу күн бэйэтин күннүгэр суруйбут бэлиэтээһиниттэн: «… Бурятияттан өлөн-быстан кэлэн олоробун. Омугун уратытын сүтэрэн бүтэн эрэр дьон аймаҕы илэ көрөн, санаам айманан, сүрэҕим сүһүрэн кэллим. Бүрээттэр бэйэлэрэ итини улаханы сүтэрэн эрэр курдук санамматтар быһыылаах. Истэрэ — тот, дьоннуу дьиэлээхтэр-уоттаахтар, санныларыгар дьоннуу таҥастаахтар. Онтон ордук кинилэргэ туох да наадата суох. Алдьархайа ити баар. Аччыгыйдар алдьархайбыт…».[1]
- 1981— Лондоҥҥа принц Чарльз уонна леди Диана уруулара буолбут. Уруу сиэрин-туомун телетрансляциятын аан дойду үрдүнэн 700 мөлүйүөнтэн тахса киһи көрбүт.
- 1985— Михаил Горбачёв Сэбиэскэй Сойуус ядернай дэлби тэптэриини барытын тохтоторун туһунан биллэрбит. Мораторий 1986 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри биллэриллибит.
- 2009— Дьокуускайга ЮНЕСКО иһинэн ыытыллыбыт «Циркумполярная цивилизация в музеях мира: вчера, сегодня, завтра» диэн норуоттар ыккардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ араас түмэллэргэ харалла сытар саха култууратыгар сыһыаннаах экспонааттар каталогтара тахсар буолуоҕа диэн этиллибит.
Төрөөбүттэр:
- 1817— Иван Айвазовскай (1900 өлб.), нуучча маринист худуоһунньуга.
- 1888— Владимир Зворыкин (1982 өлб.), нуучча инженерэ, телевидениены айааччылартан биирдэстэрэ. Муром куорат атыыһытын уола. Аан дойду бастакы сэриитигэр сибээскэ сулууспалаабыта. Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн Сибииргэ үрүҥнэр баһылаан олордохторуна онно араадьыйаны хааччыйыыга үлэлээбитэ, тас дойдуларга сылдьан араадьыйа саппаас чаастарын атыылаһара. 1919 сыллаахха АХШ-ка командировкаҕа сылдьар кэмигэр Колчак хотторон, Арассыыйаҕа төннөр кыаҕа суох буолбута, онон онно олохсуйа хаалбыта. 1929 сыллаахха кинескобу, 40-с сылларга өҥнөөх тэлэбиисэри оҥорбута.
- 1900— Эйвинд Юнсон (1976 өлб.), швед суруйааччыта уонна публициһэ, Нобель бириэмийэтин лауреата (1974). Сэрии кэмигэр нацизмы утарар хаһыат таһаарар этэ. Айымньыларыгар тоталитаризмы утарбыта, киһи көҥүлүн туойбута.
Өлбүттэр:
- 1890— Винсент ван Гог, Недерланд постимпрессионист уруhуйдьута.
This post was published on 29.07.2020 09:01 09:01