Дьикти күн, ааспыт үйэ 50-с сылларыттан, Европаҕа барытыгыр араас кэмнэргэ бэлиэтэнэр эбит. Финляндияҕа — сылын аайы от ыйын 27 күнүгэр. Ураты күн орто үйэттэн кэлбит. Үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, сэттэ христианин римскэй император киҥиттэн куттанан 200 сыл хайа хаспаҕар утуйтар. Олохтоохтор итэҕэллэринэн бу күн ким уһуннук утуйбут үһүйээҥҥэ курдук дьылҕаланыан сөп эбит. Ол иһин финнэр биир эмэ утуйаан, мөдөөн, сүрэҕэ суох киһини булан, ууга быраҕар үгэстэммиттэр. Ураты күнү бэлиэтээһин ити курдук саҕаланар эбит. Бу туһунан Бикипиэдьийэ кэпсиир.
От ыйын 27 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 208-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 209-c күнэ). Сыл бүтүө 157 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Вьетнам — Муҥу көрбүттэр уонна эчэйбит саллааттар күннэрэ.
- КДДӨ (Хотугу Кэриэйэ) — Аҕа дойдуну босхолуур сэриигэ Кыайыы күнэ.
- Финляндия — Уук (уулаах) киһи күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 1794— Парижка 9-с термидорга буолбутунан биллэр переворот буолбут. Бу кэнниттэн Улуу Французскай революция кэхтэн барбыт.
- 1866— Бастакы Атлантиканы туоруур телеграф кабелин Ирландияттан Ньюфаундлэнд арыытыгар, билиҥҥитэ Канада сиригэр, диэри тарпыттар.
- 1907— Кэмпэндээйи тууһун үөрэтэр сыаллаах П. Драверт уонна П. Оленин Дьокуускайтан Сунтаарга экспедицияҕа аттаммыттар.
- 1921— Фредерик Бантинг баһылыктаах Торонто Университетын чинчийээччилэрэ инсулин гормона хааҥҥа сахар таһымын хонтуруоллуурун дакаастаабыттар.
- 1934— Верхнеудинскай куоратын аатын Улан-Удэ диэҥҥэ уларытыллыбыт.
- 1953— Пханмунджомҥа Кэриэйэ сэриитин түмүктүүр быстах тупсуу уонна демилитаризованнай зона тэрийии тустарынан сөбүлэҥи Хотугу Кэриэйэ уонна АХШ түһэрсибиттэр.
- 1965— АХШ-га сигарета пачкатыгар табах доруобуйаҕа буортутун туһунан сэрэтии баар буолуохтаах диэн сокуон тахсыбыт.
- 1994— Индия парламена төрүү илик оҕо уолун-кыыһын быһаарар тесттэри боппут.
Төрөөбүттэр:
- 1910— Петр Барашков (21.03.1990 өлб.) — Саха АССР культууратын үтүөлээх үлэһитэ,
- 1911— Владимир Колбунов — Саха Сириттэн сэриигэ ыҥырыллыбыт Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, разведчик, Мирнэй куоратын ытыктабыллаах гражданина.
- 1948— Владимир Лиханов (27.07.2003 өлб.) — филология билимин хандьыдаата, саха тылын лексикографиятын уонна лексикологиятын чинчийбит учуонай.
- 1959— Тамара Самсонова — филология билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр:
- 1841— нуучча поэта Михаил Лермонтов дуэльга өлбүт.
- 1960— Михаил Носов (1887 төр.) — Саха норуодунай худуоһунньуга. Живописец уонна график, этнограф быһыытынан былыргы саха материальнай культуратын уонна прикладной ускуустубатын чинчийиигэ уонна хомуйууга сүҥкэн оруоллаах.
- 2003— Владимир Лиханов (27.07.1948 төр.) — филология билимин хандьыдаата, саха тылын лексикографиятын уонна лексикологиятын чинчийбит учуонай.
This post was published on 27.07.2020 09:01 09:01